Czytaj tylko na LitRes

Książki nie można pobrać jako pliku, ale można ją czytać w naszej aplikacji lub online na stronie.

Czytaj książkę: «Көрүдьүөстэр»

Czcionka:

«Завтра приехали!»

Устудьуоннуу сылдьан, тутар этэрээккэ үлэлээн кэлэн иһэн, деканакка таарыйан ааспыппыт. Деканы солбуйан олорор преподаватель: «Когда приехали, девочки?» – диэн ыйыппытыгар, дьүөгэм Натааһа улахан баҕайытык: «Завтра приехали!» – диэн баран, ып-ырааһынан көрөн кэбиспиттээх. Бу түһүмэх саха дьоно улуу нуучча тылын кытары алтыһыыбыт туһунан…

«Во саду ли, в огороде…»

Зона кэнсиэригэр монтер Валерка музыкальнай нүөмэр толорор. Аатын эппиттэригэр киирэн устуулугар олорон, балалайкатын настройкалаан тырыыҥкалата түһэн баран, дьоһуннаахтык туран, бэйэтин нүөмэрин бэйэтэ биллэрэр: «Нуучча народнай ырыата «Бассадуули».

* * *

Автобус тохтобулугар турар уолтан нууччалар: «Бириэмэ төһөнүй?» – диэн ыйыппыттар. Уол чаһытын көрбүтэ: 7 чаас буолуо 15 мүнүүтэ хаалбыт эбит. Уол төбөтүн иһигэр тылбаас бары варианнарын эргитэн көрдөөбүт да, тугу да тобулбатах. Онон ыксаан: «7 часов не хватает 15 минут!» – диэн балаһыанньаттан тахсыбыт.

* * *

Хотугу улуус биир дэриэбинэтэ. Кыракый кыысчааны аҕата, дьыссаакка илдьээри таҥыннаран баран, сиэбигэр сурук укпут. Мантыгын баспытааталгар хайаан да көрдөрөөр диэбит. Кыыс тук курдук иитээччитигэр аҕатын илдьитин тиэрдибит. Онто маннык диэн сурук эбит: «Киэһэ кыспын таҥыннаран баран, таһаран бэйэтин ытан кэбиһин». Аҕата нууччалыы оскуолаҕа үөрэммит буолан, төһө сатыырынан сахалаабыт дьүһүнэ эбит.

* * *

ГАИ инспектора боротокуол толорор: «Ханна үлэлиигин?» Тутуллубут киһи: «Аэропорка». Инспектор: «Тугунан?» Тутуллубут киһи: «Ээ, радиспын». Инспектор: «Ясно». Салгыы суруйар. «Илиигин баттаа», – диэн баран, кумааҕытын киһитигэр биэрэр. Тутуллубут киһи көрбүтэ: «Должность: эротист аэропорта» диэн сурулла сылдьар эбит.

Ол инспектор биирдэ атын киһини туппут. Эмиэ доппуруос саҕаланар.

– Ханна үлэлиигин?

– Бэкээринэҕэ.

– Онно тугунан?

– Куул эҥин тэбиибин.

Инспектор: «А, ясно, кулетряс», – диэн боротокуолга киллэрбит.

* * *

Милииссийэлэр биир мас кэрдээччи нууччаны хаайбыттар. Докумуоннарыгар «специальность» диэн графаҕа «Дровосек» диэн суруллубут үһү. Тойонноро мөхпүт: «Дьиикэйдэр! Бу туох остуоруйа Дровосегын хаайдыгыт?! Лесоруб диэн тыл баарын билбэккит дуо?!»

* * *

Арай биирдэ автобуска айаннаан иһэбит. Инники эрээккэ биир эмээхсин олорор этэ, арай эмискэ автобус араҕан эрдэҕинэ, ойон туран: «Уой, тохтоновите, пожалуйста, мне тут падать надо», – диэбитигэр, суоппар, нуучча киһитэ, өйдөөн тохтоото ээ.

* * *

Биһиги дэриэбинэбитигэр биир ветеринар киһи баар, Баһылай диэн. Ол киһи администрацияҕа үлэтин түмүгүн отчуоттуур. Бэйэтэ юмордаах баҕайы киһи. Биир сырыыга, сүөһүтүн өлүүтэ элбээн, аакта суруйан аҕалбыт. Администрация специалистара, мөҕүөхтээх дьоно, ааҕан баран, күлэн өлө сыспыттар. Биир ынах быатыгар эриллэн, моҥнон өлбүт. Ону аактаҕа ветеринар маннык суруйбут: «Не от хорошей жизни корова покончила жизнь самоубийством (через повешивание)». Онтон биир тарбыйах ыстаҥалыы сылдьан, иһин хайа түһэн кэбиспит. Онтубут аактата маннык эбит: «Теленок умер от радости, прыгал-прыгал и порвал себе живот». Ону хонтуораҕа үлэлиир эдьиийим: «Дьиҥинэн, грамотнай бөҕө, үөнэ баппат», – диир.

* * *

Оҕо сылдьан, куоракка күрэхтэһиигэ киирдэххэ, остолобуойга толуонунан аһыыбыт: кэтилиэт, мокоруон, килиэп, компот. Харчы ордугар тахсан, уулуссаттан икки мороженай ылан сиигин. Биир күн кассир балыйда. Харчым тобоҕо икки мороженайга тиийбэт. Мин наһаа абардым.

– Дай добычу!!! – уонна илиибин уунан баран, турабын. Кассир ыксаан, уолаттарбыттан ыйытар. Мин сахалыы уолаттарбар:

– Миигин оҕо диэн бу нуучча чүөчэтэ балыйар. Харчым ордугун биэрбэт, – диибин. Онтон билбиппит баара: бүгүн кэтилиэт буолбатах, «шницель из свинины» үһү. Сыаната ыараан, мороженайбар харчы тиийбэт эбит. Мин көрдөхпүнэ, кэтилиэт кэтилиэт курдук.

* * *

Нууччалыы иитиилээх саха быраастара ыарыһахтыын кэпсэтиилэриттэн.

Бороҕон балыыһата.

Быраас: Эн ойоҕун (ойоҕоһуҥ) ыалдьар дуу?

Ыарыһах: Ээ, ыарытыйар.

Быраас: Эн көссүн (көхсүҥ) ыалдьар дуу?

Ыарыһах: Суох, суох, көссүүм суох.

С.Н. Платонов кэпсээннэриттэн

* * *

Эдьиийим оҕотун абитуралата үрэх баһа дойдуттан кэлбитэ. Арай «Столичнай» рынок аттынан ааһан иһэн, «Вулканцех» диэн суругу көрөн: «Хата, бу буулка сыаҕар киирэн, бурдук аһа атыылаһыах», – диэн дьылыс гынаат, төттөрү ыстаммыттаах.

* * *

Дэриэбинэттэн үөрэххэ туттарса кэлбит бырааттыылар маҕаһыыҥҥа киирбиттэр. Тоҥ нуучча атыылааччыны көрөн, харчыны хайдах бытарытары толкуйдааһын буолбут. Биир бэйэтэ нуучча көрүҥнээх уол тиийэн бытарытар буолбут. Бааһынай уол кассаҕа тиийэн, харчытын остуолга ууран баран: «Вдребезги», – диэн палк гыннарбыт.

* * *

Ахсыс-тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан, табаарыспынаан военкомакка диэн куоракка киирдибит. Биир кабинекка киирэ сылдьан баран, киhим сирэйэ дэлби кытаран таҕыста. Быраас: «Встань на носочки», – диэбитигэр, табаарыhым өс киирбэх наскытын устан баран, онтун үрдүгэр турунан кэбиспит.

* * *

Сэттэ уонус сыллар бүтүүлэрэ. Совхоз бастыҥ үлэһиттэрэ дойдубут тэбэр сүрэҕэр улуу Москуба куоракка ВДНХ-ҕа тиийбиттэр. Үөрүү-көтүү, сонурҕааһын, долгуйуу бөҕөтө. Быыһыгар кэһии хомуһаллар. «Детскэй мир» маҕаһыыҥҥа бараары, суолу ситэри туоруу иликтэринэ, светофор кыһыл уота умайбыт. Ону кытары даҕаспытынан муҥунан испит «Волга» иннилэригэр хорус гына түспүт. Иһиттэн багдаллыбыт күтүр улахан нуучча түөһүллэн тахсан, саамай кэнники иһээччи дьахтарга: «Что, Матрена, жить надоело?!» – диэн үөхсэ-үөхсэ ынан тиийбит. Дьахталлар куотар аакка барбыттар. Ол күнү быһа суолу кэнникинэн туораан испит дьахтар санаарҕаабыт курдук сылдьыбыт. Киэһэ хойут салайааччытын нүөмэригэр сэмээр тоҥсуйан киирэн ыйыппыт:

– Ити нуучча мин ааппын хантан билэрэ буолуой? Күнү быһа толкуйдуу сатаан кэбистим да, олох билбэт киһим ээ…

Түбэспитэ баар ээ, ол дьахтарбыт аата Мотуруона диэн эбит.

* * *

Питергэ саҥа сылдьар биир саха уола мороженай ылаары турбут. Уочарат бөҕө үһү. Ол турдаҕына, биир нуучча кэлэн: «Тоже эскимо?» – диэн ыйыппыт. Онуоха биһиги уолбут: «Нет, нет, якут», – диэбит. Эскимоскун дуо диэн ыйытта дии санаабыт.

* * *

Биирдэ Кэбээйи тыатыгар ойуур баһаара турбут. Онуоха отчуттар биир оҕонньору чугас баар нууччаларга уонна дэриэбинэҕэ баран тыллаа диэн ыыппыттар. Арай нууччалар, тугу да билбэт дьон, аһыы олорбуттар, ааннара эмискэ тэлэллэ түспүт да, саха оҕонньоро дьөгдьөрүс гына түспүт уонна хаһыытыыр үһү: «Там горит! Хорошо горит! Пускай горит!» – уонна ойон тахсан баран, салгыы сүүрэ турбут. Нууччалар тугу да өйдөөбөтөхтөр, ол да буоллар, таһырдьа тахсан көрбүттэрэ, ынырыктаах ойуур баһаара кинилэри туһаайан иһэр үһү. Турар бэйэлэрэ нэһиилэ куотан эрэ биэрбиттэр. Кэлин ол оҕонньортон тоҕо итинник диэбиккиний диэтэхтэринэ: «Онно баһаар буола турар, ынырыктык умайар уонна ким да суох, ким да умулуннарбат», – диэн этэ сатаабытым диир үһү.

* * *

Бырааттыылар биир үчүгэй бырааһынньык кэнниттэн сарсыарда маҕаһыыҥҥа тиийбиттэр. Кыралаан ону-маны ылбыттар, бэрэдэбиэс, нуучча кыыһа: «Молодые люди, что вам еще?» – диэн ыйытар. Ону тыаттан аҕыйах хонукка киирэ сылдьар, нуп-нуучча көрүҥнээх бааһынай уол: «Туус», – диир. Анарааҥҥыта өйдөөбөт: «Что-оо?» Уол: «Ту-у-ус!» Кыыс: «Не поняла, еще раз повторите, пожалуйста», – диир. Биһиги киһибит санаатын түһэрбэт, бэрэдэбиэс, өйдөөн быстан биэрбэтиттэн сүрдээҕин кыыһыран туран: «Ну, ту-у-узз!!!»– диэн саайбыт.

* * *

Эмиэ бырааттыылар биир нуп-нуучча көрүҥнээх тыаттан киирэ сылдьар табаарыстарын кытта тобус-толору симиллэн, автобуһунан айаннаан иһэллэр. Кондуктор, нуучча дьахтара, кыбылла-кыбылла бырааттыыларга астаран кэлбит, уолаттар бары билиэт ылбыттар эбит, арай били табаарыс ылбакка хаалбыт. Кондуктор: «Молодой человек, Ваш билетик?» – диэн ыйытар. Уол улахан баҕайытык: «Аһа, щас заплАчу», – диир үһү.

* * *

Сэбиэскэй кэм. Нуучча тылын уруогар учуутал Баасканы дуоскаҕа ыҥырар уонна бэриллибит тылы падежтарынан уларытарга сорудах биэрэр. Бааска дуоскаҕа «школа» диэн тылы суруйар. Именительнэй падежка тылын сөпкө туруоран баран, салгыы билбэт буолан, дуоска иннигэр туран хаалар. Учуутал иккини туруораары ыксаппытыгар: «А йаа зынаайу аниктоты про падежей», – диэн саайар. Учуутал кэпсээ диэбитигэр, киһибит: «Испирибээ быыл именительный, потуом я предложный, она даательный, я тварительный, а она радительный, причем я винительный», – диир уонна килиэ-халаа көрүөлүүр. Онно кыыһырбыт учуутал Баасканы директорскайга соспут. Киһилэрэ ытаан аҕай кэлбит. Ол оннугар иккини ылбатах этэ.

* * *

Арай биирдэ Оржанкаҕа биир дойдулаахпын көрүстүм. Киһим нууччалыы үчүгэйдик билбэт буолан, миэхэ көмөлөһүннэрэн наадаларын ылла. Саҥа атыыны-тутууну «Волна» кафеҕа олорон олохтоохтук сууйдубут. Арай туран дьиэлээри гыммыппыт, хайы-сах милииссийэлэрбит кэлэн тураллар эбит. Биһигини тараччы тутан ылан, массыыналарыгар уган кэбистилэр. Мин, холуочук киһи, ону-маны быһаара сатыыбын да, дьонум күргүйдээн ынырыктар. Арай истибитим, биир дойдулааҕым илиитинэн далбаатыы-далбаатыы: «Я умный, я умный», – диэн нууччалыы сатыыр. Ол аата өйдөөхпүн дии сатыыр дьүһүнэ эбит.

* * *

Биир убайым, кыра сылдьан, дэриэбинэттэн оройуон киинигэр бараары, суолга турбут. Хастар да эбит, эмиэ бэйэтин кытары саастыы уолаттар. Ол турдахтарына, «Камаз»-таах нуучча кэлэн тохтообут. Уолаттар туох диэхтэрин билбэккэ турбуттар, убайым, саамай сытыылара, ыйыппыт: «Куда идешь?» Суоппара: «В Чурапчу», – диир үһү. Убайым: «Врешь?» Суоппар: «Да, не вру я». Убайым: «Врешь гаварю». Суоппар: «Вам что, делать нечего?!» – диэн баран, аанын саптан, газтаан кэбиспит. Уолаттар туран хаалбыттар. Убайым: «Ити аата хайдах буоларый?» – диир үһү. Ону биир табаарыһа саҥата суох туран баран: «Эн берешь? диэхтээх этиҥ, ону врешь диэтиҥ», – диэбит, наадалаах кэмҥэ саҥарбакка гынан баран.

* * *

Бииргэ улааппыт уолум оскуолаҕа быстар мөлтөхтүк үөрэммитэ. Кылааһын хаста да чиҥэтиммитэ. Тохсус кылааһынан уурайбыта. Биирдэ миэхэ кэлэн: «Короче, андаатар тириитэ бөҕө баар, атыылыах», – диир. Урут андаатар тириитэ нууччаларга күндү быһыылааҕа.

Онон, нууччалар бөһүөлэктэригэр маҕаһыын иннигэр турабыт. Биир нуучча кэллэ, уолум ыйытар: «Кожу андатры наада?» Нууччабыт ааһан иһэн, тохтоон ылла. Бу дьон тугу-тугу атыылыыр диэн толкуйдаата быһыылаах. Онтон: «А, нет, нет», – диэт, ааһа турда. Саатар, онно мин күлэ турабын. Киһим кыыһырар, мин күлэммин ити нуучча ылбатах үһү.

* * *

Бииргэ төрөөбүт быраатым военкомакка көрдөрүнэ сылдьар. Арай биир хоско улахан баҕайы багдайбыт нуучча олорор эбит. Уол киирбитигэр: «Год рождения?» – диэн бааҕынаан тоҕо барбыт. Биһиги киһибит уолуйан да уонна мээнэ элбэхтик нууччаны көрбөтөх киһи: «1780-го», – диэн саайбыт. Киһитэ аллараттан үөһэ көрөн таһаарбыт уонна: «Однако, хорошо сохранился», – диэн сөҥөдүйбүт. Дьиҥинэн, «1980 сыл» диэхтээҕин, уолуйан, 200 сылы эбинэн кэбиспит.

* * *

Арай биир үтүө күн кылааһынан көрсөбүт диэн ыҥыран ыллылар. Оҕо сааспытын ахтыһан, күлсүү бөҕөтө буоллубут. Бары биир-биир тура-тура, туос эттибит. Онтон биир кыыспыт уочарата тиийэн кэллэ. Онтубут маннык диир киһи буолла: «Чэ, кыргыттар тустарыгар элбэх туос этилиннэ. Оттон мин уолаттарга туһаайан этэбин. Эһиги алаһа дьиэ тэриннигит, мас олортугут, оҕо төрөттүгүт, аны аттанаргыт эрэ хаалла! Онон, эһиги аттанаргыт туһугар бу туоһу көтөҕөбүн», – диирин кытта, соһуйан, чочумча саҥата суох олоро түстүбүт. Кимнээх эрэ «пахай», «ээ, хайдах», «за что» эҥин диэн буолан бардылар. Онуоха били кыыспыт сыыһа саҥарбытын, дьэ өйдөөн, көннөрүнэ сатаата: «Мин «ат, сылгы-сылгы» диибин». Онуоха, дьэ өйдөөммүт, олох быара суох сыттыбыт.

* * *

Хас да буолан «тэп» гыннара олороллор. Онтон иккилэрэ бурайсан охсуһаары тииһэллэр. Тас таҥас устуута эҥин буолар. Ону көрөн олорооччулартан биирдэстэрэ: «Ок, дьоммут стрептацит көрдөрөн эрэллэр!» – диир (стриптиз диир дьүһүнэ).

Ол киһи, быраата армия туһунан киэбирэ соҕус кэпсии олороругар түбэһэ кэлэн, быраатын мөҕөр: «Онно мин эйиэхэ димедрол ыытаммын тыыннаах сырыттыҥ ини!» (бандероль диэбит).

Стендэбэй ытыыга күрэхтэһии бара турдаҕына, биир дойдулааҕын хайгыыр: «Биһиги киһибит крутой. Глаз-косоглаз!!!» Ону истэн киһитэ өһүргэнэр. Ону: «¤э, хайҕаатахха өһүргэнэр дуу?» – диэн соһуйар («глаз как алмаз» диэри гыммыт эбит).

Аны бу киһибит убайа аа-дьуо унаарытан саҥарар, оннук туттар-хаптар киһи. Үөс сиргэ сылдьан биир маҕаһыыҥҥа киирэр. Син өр талан-талан баран, атыыһыт нуучча дьахтарыгар туһаайан: «Мене-е, килэгирээм ка-аменных кампе-ет», – диэн унаарытар уонна кэтэһэн кэнчэллэн турар.

* * *

Мэлдьи айанныыр 25 №-дээх автобуспар саха суоппара: «Славяне». На выход есть?» – диэн тохтобулу биллэрбитигэр, арай туох эрэ мучумаан буолла. «Ааҥҥын арый эрэ! Тугу итиннэ биллэрэ олороҕун! «Убайдар», «эдьиийдэр» эрэ айанныыр оптуобустара үһү дуо бу!» – диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ икки саха үтүрүһэн-анньыһан түһэн хааллылар. Автобуска баар сахалар күллүбүт. Мэлдьи айаннаабат дьон «Славяне» диэн маҕаһыын аатынан тохтобул буоларын хантан билиэхтэрэй…

Darmowy fragment się skończył.

399 ₽
9,88 zł