Czytaj książkę: «Нимкакич»
П. Ламутскай «Нимкакиһын» ураты суолтата
Платон Афанасьевич Степанов-Платон Ламутскай – эбээн бөдөҥ поэта, суруйааччыта – төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Кини төрөөбүт тылынан элбэх хоһоон, поэма, оҕолорго аналлаах кинигэлэри биэрбит, Саха сиригэр уонна нууччалыы тылбаастанан Россияҕа киэҥник биллибит поэт.
Псевдонимын «ламут» диэн эбээннэри нууччалыы ааттаабыттарыттан таһаарбыт быһыылаах. Сахаларга Лаамы – Охотскай муора аата. Кырдьыга да, кини төрүттэрэ Охотскай муора кытылларыттан тэнийэн, хотугулуу илин түһэн, билигин эбээн диэн ааттанан, көһө сылдьар былыргы биистэн тахсыбыт. Платон Афанасьевич норуотун түҥ былыргытын, үгэстэрин, олоҕун илгэтин бэркэ мындырдаан хомуйбутун, үөрэппитин түмүгэр «Сир иччитэ» диэн эбээн бастакы романын бэчээттэппитэ.
Мин 90-с сылларга Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын кылаабынай эрэдээктэринэн үлэлиир кэммэр Ламутскай романа издательствоҕа сахалыы тылбаастанан (тылбааһы биллиилээх прозаик уонна тылбаасчыт Петр Аввакумов оҥорбута) киирбитэ. Ол иннинэ эбээн суруйааччыта Андрей Кривошапкин бастакы романа бэчээттэнэргэ мэктиэлэнэн киирбитэ, уочаракка сытара. Андрей Васильевич учууталыгар, ытыктыыр киһитигэр – Платон Ламутскайга бэйэтин уочаратын туран биэрбитэ. Кырдьаҕас суруйааччы итинник норуотун бастакы романын ааптарынан ааттаммыта. Андрей Кривошапкин, эдэр киһи быһыытынан, ити үтүө быһыытын түмүгэр Ламутскай романа уочарата суох быһа бэчээттэнэр, ааҕааччыга тиийэр кыахтаммыта.
Платон Афанасьевич төрөөбүт тылын тэҥэ бииргэ олорор сахаларын тылын бэркэ баһылаабыт киһи этэ. Ол курдук, сахалыы уус-ураннык маннык этэрэ: «Уонна, доҕоттоор, эһиэхэ эбии тугу баҕарыамый? Баҕарыам этэ эһиэхэ ол уулуу турар оҕус хараҕын курдук үтүө доруобуйаны!» Итинник уратытык, уу сахалыы этии кини сахалары кытта алтыһан олорбут Ламыҥха ууһуттан төрүттээҕиттэн эбитэ буолуо. Дьиҥ саха да киһитэ итинник уобарастаахтык, адьас харахха көстөрдүү этэрэ биллибэт. Мин кинини кытта кэлин эрэ сылларыгар алтыспытым да, кини киһи уонна суруйааччы быһыытынан умнуллубат сэбэрэтин ончу умнубаппын: кыра уҥуохтааҕа, арылхай харахтааҕа, ураты оонньуулааҕа-күлүүлээҕэ.
Биирдэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһун съеһигэр киниэхэ ыраах Халыматтан, Березовкаттан, кэлбит суруйааччы быһыытынан тыл биэрдилэр. Платон Афанасьевич бэрт дуоспуруннаахтык, лоп бааччы хааман тырыбынаҕа таҕыста. Арай тырыбынаттан киһибит сүүһэ эрэ көстөр. Онтон эттэ: «Бээрэ, бу мин турабын дуу, олоробун дуу?.. Арааһа, сатанымаары гынным…» – диэн тырыбына ойоҕоһугар туран эрэ тыл эппитин өйдүүбүн.
Оттон Үөһээ Халыма Арыылааҕар ыытыллыбыт хотугу норуоттар түмсүүлэрин дьонун кытта оскуолаҕа көрсүһүүгэ киһибит эбээн оҕолоругар сахалыы тыл эппитэ. Кинини биһиги бөлөхпүт сүрүн киһитэ норуодунай поэт Күннүк Уурастыырап олус ытыктыыра. Киэһэ интэринээккэ хоннорбуттарыгар, харабыл дьахтардыын эбээннии кэпсэттэ. Онуоха дьахтара: «Ээ, бу киһи албыннаан саҥарар, кинини мин өйдөөбөтүм», – диэтэ. Мин эттим: «Платон Афанасьевич, хайа, доҕоор, төрөөбүт норуотуҥ дьоно эн тылгын өйдөөбөт эбит дуу?» Платон Афанасьевич маннык холкутук хардарда: «Эбээн тыла элбэх диалектаах. Бу Үөһээ Халыма эбээннэрин тыла, кырдьык, биһиги, ламыҥкылар, тылбытынааҕар улахан уратылаах. Ону этэр». Ол иһин, быһыыта, оскуолаҕа сахалыы саҥарбыт эбит.
Олунньуга балачча тымныы этэ даҕаны, Платон Афанасьевич бэргэһэтин сэгэтэн, көлөһүн бачыгыраабыт кэтит сүүһүн маччата сылдьара. Кини Березовкатыттан Орто Халыманан эргийэн хойутаан кэлбитэ уонна, көрсүһүүлэр бүтэ иликтэринэ, Орто Халыматыгар эрдэ көппүтэ.
Мин биир түгэҥҥэ Ламутскай «Эвен икэн» диэн хордуон тастаах дьоһун хоһооннорун уонна поэмаларын кинигэтин, эбээн тылын билбэтэрбин да, эрэдээктэр быһыытынан бэчээттэтэн таһаартаран турабын. Буукубанан көрөн. Ол бэрт эрэйдээх мындыр үлэбэр миэхэ Андрей Васильевич Кривошапкин уонна Варвара Григорьевна Белолюбская-Аркук көмөлөһөн тураллар. Мин эбээн суруйааччыларыттан Василий Лебедеви уонна Василий Кейметинов-Баргачааны кытта билсэр, доҕордоһор этим. Билигин Аркугу, Нулгынэты кытта билсэбин.
Ааспыт 2019 сыл балаҕан ыйын 17 күнүгэр миэхэ, Ойуунускай музейыгар, эбээннии, сахалыы, нууччалыы хоһоон, кэпсээн кинигэлэрдээх Анатолий Платонович Степанов кэлбитэ. Кини аҕата сахалыы суруйан хаалларбыт «Нимкакич» диэн обургу поэматын: «Аҕам 100 сылыгар, эһиил, бэчээттэппит киһи», – диэн миэхэ аҕалбыта. Дневникпэр маннык суруллубут: «Поэманы билиһиннэрэ, аахтара аҕалла. Балачча халыҥ. Ааҕан эрэбин. Сахалыы суруллубут да, үгүс эбээн тыла баар. Олору быһаарбыт киһи. Холобур, өрус диэн тыл баар. Ол, арааһа, биһиги өрүспүт буолбатах быһыылаах. Ааҕааччыга, саха ааҕааччытыгар, быһаарар сөп. Айымньытын түҥ былыргыттан саҕалыыр. Онно жужан бииһэ ахтыллар. Ону кылгатан жуан диэн суруйар. Былыргы түүрдэр бааллар. Урукку, билигин биллибэт холбоһуктар ааттара элбэх». Итинник бэлиэтэммиппин. Уолугар төннөрөрбөр элбэх тылларга сноска, быһаарыы биэрэр наадатын ыйбытым.
Мин бэйэм, «Быралыйбат былыргы» (2005), «Умнуллубат урукку» (2015) уонна ити икки кинигэҕэ киирбит уонна киирбэтэх былыргы тыллар, ааттар тустарынан «Хаппаргар хатаа» (2015) кинигэлэри бэчээттэппит киһи быһыытынан, Платон Афанасьевич төрүттэрин төрдүн поэматыгар сырдаппытын, бэрт элбэх историческай матырыйаалы көтөхпүтүн, ырыппытын, аан бастаан уус-уран суруйууга киллэрбитин кэрэхсии аахтым. Эбээн кырдьаҕас поэта уонна суруйааччыта Платон Ламутскай «Нимкакич» поэмата бэчээттэнэн таҕыстаҕына, ааҕааччылар сэҥээриэхтэрэ дии саныыбын. Эбээн норуотун төрдүн үөрэтиигэ Ламутскай туспа көрүүтүн, бука, сыаналыахтара.
Билиҥҥи хараҕынан көрдөххө, сорох сирдэргэ ситэ сырдатыллыбатах, чочуллубатах түгэннэр баалларын да иһин, ааҕааччы эбээн кырдьаҕас суруйааччытын көрүүтэ киэҥин, дириҥин, мындырын өйдүө. Бу айымньы, баҕар, эбээн норуотун былыргы историятын уус-уран ойуулааһын бастакы холонуутун да быһыытынан кэрэхсэтиэ. Эдэр чинчиһиттэргэ, суруйааччыларга саҥа санааны угуо, Саха сирин биир айымньылаах литературатын кэриҥин кэҥэтиэ, ураты жанрынан байытыа.
Николай Винокуров-Урсун,
поэт, кириитик, кыраайы үөрэтээччи,
СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата
Нимкакич1
Маҥнайгы сүһүөх торума
Өбүгэлэри быһа охсуу (холуйуу)
Хаһан эрэ, ханна эрэ
Кыыл киһи икки ардынан
Ҥивэничэн өбүгэлэрдээх,
Иҥаричан төрүттээх
Өлө-өлө тиллибит,
Тимирэ-тимирэ күөрэйбит.
Ийэ буор дойдуларын,
Үөскээбит алаастарын
Быраҕан кэбиспиттэрэ
Быданнаабытын кэннэ,
Былдьаһыктаах үйэлэргэ
Үтүрүйтэрэн-үтүрүйтэрэн,
Үҥүүлээх батыйаҕа
Кэйдэрэн-кэйдэрэн,
Эвэскэн уус удьуордара
Хантан эрэ күөрэйтэрэ.
* * *
Үһүйээн, номох сураҕынан
Иһиллэр ээ киэҥник:
Соҕуруу дойду сылааһыгар,
Дьоллоох күн уотун анныгар,
Төгүрүк ыйдаах күөх уйгу
Лиҥкинэс мастарын быыһыгар,
Киэҥ истиэбин иэнигэр,
Оччолорго киэҥ сурахтаах
Эвэскэн судаарыстыбата
Туругуран ахан турбут,
Атыттары ымсыырпыт
Диэн номох баара эбитэ үһү.
* * *
Ол маннык эбитэ үһү:
Наһаа былыр Азияҕа
Гууннар биис уустарын
Бастакы сойууска Модэ —
Улахан деятель түмпүтэ.
Сүрүн уустар сүөһүлэнэн,
Сорох бараан мэччирэҥинэн
Биир күҥҥэ манна истиэпкэ,
Иккис күҥҥэ ол хайаҕа
Көһө сылдьан бытарыйар,
Мөлтөх да тэрээһин буоллар,
Киэҥ сири тилийэ сабардаабыт,
Модэ сойуус баара киэптээбит.
* * *
Бу судаарыстыба иһигэр
Эвэскэннэр эмиэ бааллара.
Ол иһин биис уустара,
Сэриигэ хотторбут биис буолан,
Гууннар кулуттарын курдук
Даан төлүүртэн куоппаттара,
Харахтарын өрө көрбөттөрө.
* * *
Ол эбиитигэр
Хас да үйэлэр усталарыгар
Гууннар баһылыктара Модэ
Хоту-соҕуруу походтары
Тэрийтиирэ, байаары.
Ол походтар дьалхааннара
Эвэскэннэр олохторун
Огдолутан барбыта.
Гууннар баһылыктарын иннигэр,
Жуаннар2 сирэйдэрин ортотугар
Эвэскэннэр аймахтарыныын
Кыыл курдук көстөллөрө.
Ол иһин кырыктаахтык:
– Сэрииһитэ бэрт кыыллар,
Ураһаларыгар баттыахха,
Талыахха, кыдыйыахха! – диэннэр,
Эвэскэн түһүлгэтин
Биир-биир кыдыйар буолтара.
* * *
Ити Эвэскэн биис тарҕаһан,
Сир устун барыах эбиттэр.
Онуоха
Үҥүү-батас күүһүнэн
Омуктарга кыайтаран,
Сир устун үүрүллэртэн,
Наматкан удьуора биир уол —
Сэрииһит хоһуун Чибдэбил
Эвен удьуорун түмпүтэ,
Биир сойууһу тэрийбитэ,
Ону Сяньби3 диэн ааттаабыта.
Ол биис уустарын ааттара
Төрүт түөрт бырааттыы эбиттэр:
Улахан уус – Эвэскэн,
Үгүс аймах – Намасхаан,
Кыахтаах – Увань Отласив,
Амартан симиэстээх – Орогон.
Ити ааттара үйэлэргэ
Омугун көрдөрө иҥпитэ.
Кинилэр ыаллар көс аймах
Жуан сойууһун тэриммиттэр.
Инньэ гынан чугаска
Кырыктаах ыал баар буолта.
* * *
Ол да буоллар ыаллаһан,
Сойуустар син олорбуттара.
Чибдэбил хоһуун уолаттара,
Кини көтөр кынаттара,
Аймахтары түмэллэрэ.
Биир талаанньыт киирдэҕинэ,
Бары саба түһэллэрэ.
Сяньби сойууһун көмүскүүллэрэ.
Кырдьыга,
Бастаан кинилэр күүстэрэ
Итиниэхэ эрэ сөп этэ.
* * *
Бары барыта төрүөттээх,
Куһаҕан хайаан да оҥоһуулаах.
Сөрөгө дьоно Орочоллор
Икки ыал ураһата
Быстах бултуу сырыттахтарына,
Жуан сэриитэ кэлэн,
Ньимси сотон барбыттар,
Сурт ураһатын эрэ хааллартар.
Ону кэлэн,
Орпут биир кыыс оҕо
Сөрэчэҕэ тыллаабытын
Чибдэбил истэ оҕуста.
* * *
Талаанньыт ыалдьыттыын
Өр ыаллаһар сатамматын
Чибдэбил кагана өйдөөбүтэ.
Туора сылдьар атаҕастабылыгар,
Сорго-муІҥа киириэн
Аны төрүт баҕарбатаҕа.
Ол иһин
Саа-саадах эрэ күүһүнэн
Утары кимэри ордорто.
* * *
Манна ыҥырсыы тыаһын,
Сэриигэ бэлэм түбүгүн
Жуан сойууһун каганата
Истэ охсубут этэ.
Кини дьонун түмэ тардан
Урут сэриилиир санаалааҕа.
* * *
Ол да үрдүнэн Чибдэбил
Жуан кагана хайаларыгар
Уруттаан тиийэ охсон,
Ох саатынан куһуйуон,
Үҥүүнэн өтөрүтэ түһүөн
Баҕаран, суһаллык тэриммитэ.
(Ол кэмҥэ Чибдэбил каган
Саталлаах сэрииһитинэн
Сураҕа киэҥник иһиллэрэ).
* * *
Хамначчыт Жуан хаанынан
Сааны-саадаҕы хааннаатылар;
Эйэҥкэ Ачурма удаҕан
(Оччолорго эр ойуун суоҕа)
Сэрииһиттэр суолларын
Алгыы охсон атаарда.
Чибдэбил хара быыһык
Саҕынньаҕын иһинэн
Икки хос атыыр тириитэ
Куйаҕын кэтэн кэбистэ.
* * *
Жуан хайатын быыһыгар,
Чибдэбил сэриитин тоһуйа,
Жуан каганата утары көрүстэ.
Дьалхааннаах элбэх сэриини
Манна түмпүт эбит этэ.
Кырыктаах кырыыс сирэ
Манан буолуон сөп диэн,
Сабаҕалаабыт курдуктара.
* * *
Хаһан Чибдэбил сэриитэ
Ойууру-тыаны сирэйдэниэҕин
Жуан каганата сэрэйбэтэҕэ.
Кини сэриитин түмэн
Иннигэр куйахтаммыта.
Ол кэмҥэ Чибдэбил сэриитэ
Инники күөҥҥэ дуона суох,
Ол оннугар өстөөх кэтэҕэр
Сүрүн күүһүн илдьэн,
Окко-маска саһыарта.
* * *
Кыргыһыы илдьитэ буолааччы
Икки өттүттэн тыҥ хатыыта
Барыта ньим барда.
Онуоха бэйэ бодотун көрүнүү,
Өйү-төйү булунуу
Суоһа-суодала тирээтэ,
Өлүү аана аһыллаары турара.
* * *
Дьэ кэллэ… Чибдэбил хаһыыта,
Батыйата күҥҥэ килбэҥнээтэ,
Үҥүүтэ кытта имэҥирдэ.
Ону кытта тэҥҥэ ох саалар
Өстөөххө ыалдьыттаатылар.
Жуан оннооҕор элбэх оҕо
Чибдэбил үрдүгэр кыырайда.
* * *
Инники күөннэр өлөрсөн
Ортолоон эрдэхтэринэ,
Чибдэбил хаһаас сэриилэрэ
Өстөөх кэтэх ойууруттан
Оннооҕор уон алдьархайдаахтык,
Өстөөҕөр саба түһэн,
Аҥаар уһугуттан имиттэ.
* * *
Дьэ манна баара:
Өрө-таҥнары эккирэтиһии,
Үрүө-түрүө сырсыакалаһыы,
Онно бааһыран ынчыктааһын.
Аппа-дьаппа быыһынан
Куотан эрээччи да элбээтэ,
Хойуу ойуур быыһыгар
Саһааччы да үксээтэ.
* * *
Жуан каган тиһэх күүһүн
Арҕаҕар саба баттаата.
Каган төбөтүн быһа баттаан
Чибдэбил бэлиэ астарда.
Кыайыы-хотуу бэлиэтин
Хааннаах илкэни туруортарда.
Онтон
Баайы-дуолу олоччу талаан,
Хотторбут хамначчыты үүрэн,
Чибдэбил суолун анаан биэрэн,
Кыайбыт аатын иҥэрэн,
Тыаһаан-ууһаан, хаҥкынаан,
Соруйан суос бэринэн
Дойдутугар тиийбитэ.
* * *
Мантан Чибдэбил баһылыктаах
Сяньби сойууһа улахан суостанна:
Оннооҕор тюрк-каганат
Эвэскэннэри өҥөлдьүйбэт,
Тула өттүнээҕи ыаллары
Аны сабдыҥнаабат буоллулар.
Төһө өр маннык буолуоҕун
Ким дьылҕалыах муҥай!
* * *
Чибдэбил син сүгүн олорбот,
Наҕыллык кырдьыан баҕарбат:
Тула өттүн көрүнүөн —
Походтары оҥортуон
Санаата кыдьыгыран барар,
Күүһүн-уоҕун түмэр.
* * *
Өр-өтөр тардыллан турбакка,
Поход Амары4 таҥнарда.
Бу киэҥ сир иэнигэр
Иччитэх курдук этэ.
Арай
Маньчжурия диэкиттэн кэлэн
Сүөһүлээх оронойдор
Олохсуйбут эбиттэр.
Кинилэр төрдүлэрэ
Эвэскэннэр удьуордара эбит.
Ол иһин Чибдэбил кагана
Бэйэтигэр холбообута
Уонна, тугу да тыыппакка
Төннөн бардар даҕаны,
Бу киэҥ Амар устун
Эвэскэннэри олохсутан,
Бултаах-астаах дойдуну
Баһылаабытынан барбыта.
* * *
Чибдэбил санаата син сиппэт:
Аны Лами5 обургу кытылын
Өҥөйтөлүөн баҕарар;
Маннык сүдү Ламига
Туохтар тоҕуоруйбуттарын,
Ойоҕостоһор ыал буолуон,
Кимнээх баалларын билиэн
Сүрдээҕин баҕарбыта.
* * *
Бу поход айана дохсуна,
Туох баарын тоҕо үктээн
Лами кытылын булбута.
Онно булчут уйгурдар
Биирдии бултана сылдьалларын
Селенга диэки кыйдаабыта.
Ох саа бастакы тыаһа
Эвэскэннэргэ уйгурдар
Үйэлээх өстөрүн тэрийтэ.
* * *
Чибдэбил бэйэтин дохсун күүһүгэр
Бигэ эрэллээх буолан,
Ол уйгур өс-сааһын
Төрүт да билэ сатаабатаҕа.
Кинилэр сирдэрин олоччу,
Баай хара тыаны ботуччу
Баһылаан ахан киирбитэ,
Сырыыта мэнээх хаалбата±а.
* * *
Хас да походтар дьалхааннара
Чибдэбил күүһүн ылбыттара.
Бүтэһик походун кэнниттэн
Улаханнык илистибитэ.
Кырдьардыын-ыарыылыын
Кыаҕын былдьатан испитэ.
Каган Чибдэбил бэйэтэ,
Кырдьар кырыыс кэлэн,
Түҥкүрэ кырдьыбыта.
Ол эбиитигэр ыарыыта
Сойууһун салайар кыаҕын
Букатыннаахтык эһэн,
Соҕурууттан, арҕааттан
Суоһуур өстөөх алдьархайтан
Эвэскэн аймаҕы көмүскүүр
Кыаҕын букатын сүтэртэ.
* * *
Оҕолоро алдьархай чугаһын
Бэркэ дьиксинэ көөртөрө:
Каган оннугар баһылык,
Сяньби сойууһу иилиир,
Хоһуун оннугар хоһуун,
Норуотун бииргэ түмэр
Эрэллээх тойон наадата.
Ону Чибдэбил аҕа аныыр
Киэҥ-дэлэй былаастааҕа.
* * *
Бу иирсээн дириҥэ суох,
Киэҥ айгыр улаҕата суох
Мөккүөн дуола буолуоҕун
Өйиндьэ туора түстэ,
Сяньби сойууһун үрэйээри сорунна.
Оччотооҕу дьиикэй дьон
Санаалара улахан хабыра
Маннааҕы иирсээҥҥэ тиэртэ.
Ол хайдах силистэммитин
Мин манна кэпсиим.
Сөрөгэ:
Аҕа баһылыкпыт,
Кырыйда диэн атаҕастаабаппын,
Быһыы-майгы күһэйдэ.
Эн истэн сэргии түс эрэ.
Биһи эмиэ соторунан
Жуаннар кэптэрин кэтиэхпит.
Ол иһин эрдэтинэ,
Эн оннугар бу сойууһу
Убайбыт баһылыыра
Төһө-хачча буолуо этэй?
Биһи хайдах буолабытый?
Хайдах көмүскэнэбитий?
Ону тобулар уолдьаста.
Кырдьаҕас Чибдэбил тойон
Халтаһатын тордуоҕунан
Өрө тардан атытта.
Уота өспөт хараҕынан
Сөрөгэни көрөн ылла.
Кэһиэхтээх куолаһынан
Саҥаран киирэн барда,
Тохтуу-тохтуу онолуйда.
Чибдэбил:
Сөбү этэҕин.
Барыта бүттэ манан.
Солуни убайыҥ арай
Соргулаах суолу тобулуо.
Сөрөгэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Эн тугу тобуларгын,
Бырааттыылар биһи барыбыт
Күүтэбит туох дииргин.
Чибдэбил:
Истиэп иэнэ кыараабыт,
Бултуур да сир былдьаһыктаах.
Онон убайдаргын ыҥыр,
Сүбэлэһэр кэм да ыгым.
Кырдьан эмиэ буорайдым,
Бүтэр тиһэх күн тилиннэ.
Оо, хаарыан тэрийбит сойууһум
Үрэллиэх муҥа буолуо дуо?!
* * *
Итинник сорудах кэнниттэн
Олоруох бокуой кэлиэ дуо?!
Уучах кыыл тыынынан
Сүүрдэн эргийэ оҕустулар.
Уолаттар кэлэ охсоннор
Аҕаларын тула олордулар.
Кэһиилээх матаҕа тутан
Аҕаларыгар үҥүлүттүлэр.
Уонна кини тылын күүтэн
Аҥаһан аххан олордулар.
* * *
Чибдэбил:
Оҕолоруом, мин сотору
Үөһээ дойдуга барабын.
Холболоон бараҥҥыт ону
Үс тииккэ араҥастаарыҥ.
Бөҕө гына оҥорооруҥ,
Хараллар иэспин толорооруҥ!
* * *
Бары да хоп курдук:
Хараллар иэскин толоруохпут.
Биһигиттэн бардаххына
Хайдах ыал буоларбытын
Инникитин ыйыах этиҥ!
* * *
Чибдэбил:
Сяньби сойууһу тэрийэн
Аймахтары бииргэ түмтүбүт.
Ол үрдүнэн сорохторбут
Ыраах куотан барбыттара,
Нанахайдаах күрэммиттэрэ.
Кинилэри ситтэххитинэ
Урууларбыт дии санаарыҥ!
Ол оннугар Тюрк-каганат
Улаханнык кыаҕырда.
Кэннибититтэн кэнэйдээн
Сүгүн олордоро суох!
Дьэ, уолум Ньөлбуни нохоо,
Каган оннугар каган
Билиҥҥиттэн буолуоҥ буоллаҕа.
Итини бары истиҥ,
Барыгыт бас бэриниҥ!
Солуни:
Каган оннугар каган
Ньөлбуни буолара сөбө.
Оччоҕо сойууһу араҥаччылыыр,
Олоҕу инники түмэр
Баһылык оннугар тойон,
Аҕа анаммыта эскэн!
Өйиндьэ:
Күн аҕа баһылыкпыт,
Олоҕум салҕаннын диэммин
Үлүгэрбит өҥөйөөтүн
Үтүө, төрүт аҕабыттан
Өрүһүйэр суолу тобул диэн
Каган үс-бараа күлүккэр
Сүгүрүйбүтүм баара.
Дьэ, алаатыка, оҕолоор,
Олохпутун өрүһүйүө диэн,
Күнү-дьылы күөнтүөҕэ диэн,
Өй-санаа бүгүҥҥүлээҕин,
Дьаһалынан сарсыҥҥылааҕын
Булан-булан ордороҥҥун
Хаарыан күнү өһө±үрдэн,
Түҥнэри төлкөлөөтөҕүҥ!
Олорбуппут эрэ сыччах
Буолуо суоҕа дуо, аҕаа?
Ньөлбуни:
Харыс иннин көрбөккө
Кыччаҕар тугу диирий?
Улуу үрэхтэн уларыйан,
Туспа дойдуга тиийэн
Каган буолаары тиистэ дуо?
Хомуруйбут иэстэлгэр,
Ити баламат тылгар
Батас оонньуутун ыҥырдыаҥ?
Ээххин этитиэхпин санаан,
Быраатым диэммин тохтоотум.
Ньүдьү-балай эйигиттэн
Ас тахсыан көрбөппүн ээ.
Өйиндьэ:
Каган буолан өйүүргүн,
Түскэн олоҕу тускулуоххун
Ончу көрбөт буолуохпут,
Иҥсэҥ адьас кыайыа эбээт!
Сирэйбин кэрчиктэнэрбин
Отой туохха да уурбаппын.
Миэхэ суох үһү дуо батыйа?
Толлуо диигин дуо, адьарай?
Чибдэбил:
Мин аҕа курдук аҕаҕыт
Тиһэх тылбын этэбин:
Аны күөн көрсөн эрэҕит дуо?
Мин түмүк тылым маннык:
Иирсээҥҥитин көннөстүҥ!
Иирсээннээх эрилкэй мас курдук
Дьоҥҥо абааһы көрдөрүмэҥ!
Ону истибэт буолларгыт,
Өбүгэ дьүүлүн ылыаххыт.
Ньөлбуни:
Иирээни тардар килчэгэр
Тылын ылан көннөрдүн.
Үөҕүллүбүт мин буруйбун
Тугу да билбэккэ олордум.
Быраат убайы ытыктаабакка
Көмүрүө курдук эппитигэр
Ити күтүр иннин ылыҥ,
Өбүгэ дьүүлүн көрдөрүҥ!
Өйиндьэ:
Ньөлбуни күтүргэ
Баһылатыам эрэ суоҕа!
Өбүгэ дьүүлүнэн кыраныам,
Аҕаа, миигин күүһүлээмэ!
Чибдэбил:
Дьэ, уолум, эн иһит эрэ,
Биир силискэ үүммүт
Түөрт мас бииргэ эмэҕирэр.
Ону эрдэ араартаатахха,
Сонно үргүлдьү өлөр-хатар
Диэн ыччакка этиллэр.
Өбүгэ дьүүлэ кытаанах,
Күүһүлэниэхтээҕэр үүрүллүөҥ!
Ону өйдүүгүн дуо, адьарай?
Өйиндьэ:
Дьэ бу кынчарҕан кэнники
Сири кыаратар ини.
Ох саа кыырайан тиийбэт
Сиригэр дьүгэлийбит ордук.
Чибдэбил:
Хаан уруугуттан тэскилээн
Син кырыыска бараҕын!
Үйэлээх сааскар удьуоргун
Харахтаабат гына андаҕай!
Darmowy fragment się skończył.