Czytaj książkę: «Байаҕантай буолаһа уонна улууһа (1639–1930)»
Аан тыл
Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитин кэннэ, дьаһааҕы хомуйуу кинигэлэригэр 1638 сылтан Байаҕантай диэн сир аата чуолкайдык бэлиэтэнэр буолбута. Оттон 1639—1640 сс. кыһын Саха сиригэр дьаһааҕы төлөөбүт 34 буоластар ааттара бэлиэтэммиттэрэ. Кинилэр ортолоругар 1639 сыл сэтинньи 10 күнүттэн ыла дьаһааҕы төлүүр Байаҕантай буолаһа эмиэ чуолкайдык ааттанар уонна бэлиэтэнэр.
1640—1720 сылларга Саха сирин киин өттүгэр баар буоластар ортолоругар Байаҕантай эмиэ буолас быһыытынан киирэр этэ. 1720‐с сыллар саҥаларыгар манна кыракый буоластары түмэр уонна холбуур 5 улуус тэриллибитэ. Ол эрээри Байаҕантай туспа буолаһынан хаалбыта. Онтон 1767—1778 сыллартан улуустарга киирэр нэһилиэктэр (буоластар) ахсааннара чуолкайданан уонна бэрээдэктэнэн барбыта. Бу бириэмэҕэ Байаҕантай буолаһын иһигэр эмиэ буоластар (нэһилиэктэр) бааллара.
1822 сыллаахтан саҕаламмыт административнай уларыйыылар кэннилэриттэн Саха сирэ 5 уокурукка, уокуруктар улуустарга, улуустар нэһилиэктэргэ арахсар буолбуттара. Мантан ыла Байаҕантай буолаһа улуус диэн ааттанар. Саха сирин киинигэр тэриллибит Дьокуускай уокурукка 7 улуус (Мэҥэ, Хаҥалас, Нам, Бороҕон, Дүпсүн, Боотуруускай уонна Байаҕантай) баара. Итилэртэн саамай улаханнара, киэҥ сирдээхтэрэ Байаҕантай этэ. Кини сирэ-уота арҕаа Танда үрэхтэн саҕалаан илин Охотскай муораҕа тиийэ, соҕуруу Амма төрдүттэн хоту Дьааҥы таас хайаларыгар, Халыма өрүс баһыгар тиийэ тайаан сытара. Саха сирин киинигэр баар уонна Алдаҥҥа түһэр Танда, Баайаҕа, Таатта уонна Амма үрэхтэр орто уонна аллараа сүүрүктэрэ барыта Байаҕантай улууһугар киирэллэрэ. Хоту Дьааҥы таас хайаларыттан Алдаҥҥа түһэр таас үрэхтэр үгүстэрин хаһаайыннарынан эмиэ байаҕантайдар этилэр. Онон XVII—XIX үйэлэргэ Байаҕантай дьоно сүөһү уонна сылгы иитэргэ олус табыгастаах, өлгөм балыктаах уонна бултаах киэҥ сирдэри баһылаабыттара уонна элбэх сирдэринэн олохсуйбуттара.
Байаҕантай улууһугар 1828—1852 сс. 7 нэһилиэк баара, 1852—1900 сс. – 9, 1900—1910 сс. – 10, оттон 1910—1917 сылларга нэһилиэк ахсаана 14 буолбута.
Элбэх административнай уларыйыылар Саха сиригэр сэбиэскэй былаас букатыннаахтык олохсуйбутун кэннэ буолбуттара. 1920—1922 сылларга ревкомнар былаастара баһылыаҕыттан Байаҕантай улууһуттан аан маҥнай 1920 сыллаахха Өймөкөөн Бороҕон нэһилиэгэ (билиҥҥи Өймөкөөн улууһа) арахсыбыта, саҥа Өймөкөөн улууһа тэриллибитэ, 1922 сыл бүтүүтүгэр манна сэбиэттэр быыбардара буолан улуустааҕы Сэбиэт тэриллибитэ. 1922—1930 сылларга Байаҕантай улууһугар элбэх саҥа нэһилиэктэр тэриллибиттэрэ, ол эрээри улуус бэйэтин сирин-уотун, аатын-суолун уонна статуһун (балаһыанньатын) тутан олорбута.
1920‐с сыллар саҥаларыттан Сэбиэскэй Сойууска бүтүннүүтүгэр урукку ыраахтааҕылаах Россия саҕанааҕы административнай-территориальнай тэриллиилэри (губерниялары, уездтары) уларытыы буолбута. Бу реформа 1923—1929 сылларга буолбута.
Саха сиригэр эмиэ 1930—1931 сылларга урукку улуустар оннуларыгар саҥа оройуоннары тэрийии буолбута. 1930 сыл тохсунньу 9 күнүгэр урукку Бороҕон уонна Дүпсүн улуустарын холбоон Уус Алдан оройуона тэриллибитэ. Бу саҥа оройуоҥҥа урукку Байаҕантай улууһуттан түөрт нэһилиэк – 1‐гы Байаҕантай, 2-с Байаҕантай, Тандыыныскай уонна Хара Алдан (1932 с. төттөрү Тааттаҕа киирбитэ) бэриллибиттэрэ.
1930 сыл кулун тутар 25 күнүгэр Таатта оройуона тэриллибитэ. Бу оройуоҥҥа урукку Боотуруускай улуус аҕыйах нэһилиэктэрэ уонна Таатта улууһа бүтүннүүтэ киирбиттэрэ. Маны таһынан бу саҥа оройуоҥҥа урукку Байаҕантай улууһун 16 нэһилиэктэрэ холбоммуттара. Тааттаҕа холбоммут нэһилиэктэр (1926 с. биэрэпискэ баар нэһилиэктэр) манныктар: Алдан, 2‐с Байаҕантай, 3‐с Байаҕантай, 4‐с Байаҕантай, Баайаҕа, Дьөҥкүүдэ, Үөгэн, Өтөхтүү Тааттыыныскай, 1‐гы Игидэй, 2‐с Игидэй, Ичигэс, Мэҥэ Алдан, Саһыл, Соҕуй Амма, Эһэ уонна Ыҥаа. 1926 сыллааҕы биэрэпис түмүктэринэн суоттаатахха, бу 16 нэһилиэктэргэ киирэн Таатта оройуонугар 274 нэһилиэнньэлээх пуун (кыстык сирдэр), 1800 хаһаайыстыба, барыта 7113 киһи бэриллибиттэрэ уонна дьылҕалара уларыйбыта – байаҕантайдар буолан бүппүттэрэ.
1931 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр Томпо оройуона тэриллибитэ. Бу оройуоҥҥа эмиэ уруккута Байаҕантай улууһугар киирэ сылдьыбыт Тукулаан Бараайы, Мэмээл Хотулукаан, Адыча Ньэлгэһэ уонна Сунтаар Сүдүгү диэн көһө сылдьар эбээннэр сирдэрэ киирбиттэрэ. Томпо оройуонугар эбии Ааллаах Үүн сирэ бэриллибитэ. Бу сирдэргэ барыларыгар көһө сылдьар Сэбиэттэр тэриллибиттэрэ.
Бу курдук 1930—1931 сылларга тэриллибит Уус Алдан, Таатта уонна Томпо оройуоннара уруккута Байаҕантай улууһун сирин-уотун уонна нэһилиэнньэтин бүтэһиктээхтик үллэстибиттэрэ. Бу түмүгэр «Байаҕантай улууһа» диэн административнай-территориальнай тэриллии суох буолбута, историяттан туора сотуллубута. Бу иннинэ 300‐чэкэ сыл биир улууска түмүллэн, хомуллан биир дьылҕаланан олорбут дьоннор – байаҕантайдар Саха АССР түөрт оройуонугар – Уус Алдаҥҥа, Тааттаҕа, Томпоҕо уонна Өймөкөөҥҥө тарҕаһаннар төлкөлөрө уонна историялара арахсыбыта, сотору кэминэн бэйэбэйэлэрин умнубуттара уонна уруккута атын уустар (биистэр диэххэ эмиэ сөп) удьуордарын кытта холбоһон барбыттара. Ол кэнниттэн коммунистическай идеология сабардаабыт бириэмэтигэр, бары омуктар (нациялар) симэлийэннэр биир сэбиэскэй норуот үөскүүр уонна сайдар кэмигэр олохтоох омуктар бэйэлэрин төрүттэрин, сүтэн-симэлийэн эрэр быдан былыргыларын үөрэтиилэрэ уонна хасыһыылара сэҥээриллибэт уонна кутталлаах да буолбута.
Онтон ХХ үйэ 90‐с сылларыгар олохпут төрүтэ, кини тирэҕэ төрдүттэн уларыйан, саҥа идеология, өй‐санаа үөскээн, көҥүл кэлбитин туһанан Саха сирин бары нэһилиэктэрин уонна улуустарын олохтоохторо «Биһиги хантан хааннаахпытый, кимтэн кииннээхпитий? Биһиги төрүттэрбит кимнээҕий? Былыр кинилэр ханна олорбуттарай уонна хайдах манна олохсуйбуттарай?» диэн боппуруостарынан интэриэһиргиир буолбуттара, сорохтор утумнаахтык дьарыктанан барбыттара.
Бу түмүгэр урукку Байаҕантай улууһугар киирэ сылдьыбыт нэһилиэктэр тустарынан элбэх кинигэлэр таҕыстылар. Ол курдук, «Баайаҕа. Таатта улууһа» (2003 с.), «Алдан быйаҥнаах кытылыгар. Таатта улууһа» (2005 с.), «Ыҥаа нэһилиэгэ. Томпо улууһа» (2005 с.), «Мэҥэ Алдан: Томпо оройуона» (2007, 2009 сс.), «Ичигэс нэһилиэгэ уонна холкуоһа: Томпо оройуона» (2010 с.), «Саһыл. Томпо улууһа» (2011 с.), «Байаҕантай уонна байаҕантайдар» (2009 с.), «Хара Алдан нэһилиэгэ: Таатта улууһа» (2011 с.) бэчээттэнэн таҕыстылар уонна тарҕанан бүттүлэр. «3‐с Байаҕантай нэһилиэгэ: Томпо улууһа» уонна «Үөгэн нэһилиэгэ уонна холкуоһа: Томпо улууһа» диэн кинигэлэр таҕыстылар.
Бу кинигэлэргэ киһи сөҕөрө биир баар: бу нэһилиэктэр бары биир киһи курдук «биһиги байаҕантайдарбыт!» диэн бардылар уонна бэйэлэрин ааттарынан улаханнык киэн тутталлар. Онон Байаҕантай диэн өйдөбүл умнуллубатах уонна сүппэтэх эбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт Н. Е. Винокуров‐Урсун бэйэтин санаатын маннык этэр: «…Байаҕантай диэн историческай аат умнуллан, быраҕыллан хаалара сатаммат. Билиҥҥи түөрт улуус (Уус Алдан, Таатта, Томпо уонна Өймөкөөн) устун ыһыллыбыт байаҕантайдар төрүт уус ааттарын үйэтитэр туһугар кыһаныахтаахтар».
Бу ыҥырыыга уонна үтүө дьыалаҕа кыттыһан биһиги бу суруйуубутугар Байаҕантай улууһун историятыгар сыһыаннаах матырыйааллары уонна докумуоннары, улуус бары 14 нэһилиэктэрин туһунан кылгас историческай ыспыраапкалары киллэрдибит. Бу кинигэ улуус бары нэһилиэктэрин кылгас историяларын түмэн маҥнайгы суруйуу буолар. Маны таһынан үп-харчы суоҕунан, кинигэбит кээмэйэ хааччахтанан, үгүс историческай докумуоннар, матырыйааллар уонна нэһилиэктэр бастыҥ дьоннорун туһунан сибидиэнньэлэр кыайан киирбэтилэр. Ол эрээри атын ааптардар Байаҕантай улууһун уонна кини нэһилиэктэрин туһунан эбии үөрэтэн, утумнаахтык дьарыктанан, саҥа кинигэлэри суруйан байаҕантайдары элбэхтик ааттатыахтара, уонна үөрдүөхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбит!
Байаҕантай диэн аат сүппэтин уонна үйэлэргэ хаалыахтын диэн баҕарабыт!
Байаҕантай улууһун үөскээһинэ
Байаҕантай диэн аат сурукка-бичиккэ уонна историяҕа киириитэ
Биллэрин курдук, 1632—1646 сылларга Саха сирэ бүтүннүүтэ Россия састаабыгар киирбитэ. Мантан ыла Саха сиригэр нуучча государствотын ис (административнай) тутула уонна бэрээдэгэ, суута-сокуона олохсуйан барбыта. Хара маҥнайгыттан нуучча хаһаактара олохтоох нэһилиэнньэттэн түүлээҕинэн дьаһааҕы (ясак) хомуйуунан дьарыктаммыттара. Кинилэр ханнык сирдэртэн, ханнык ааттаах дьоннортон дьаһааҕы хомуйбуттарын аналлаах сурукка-бичиккэ – дьаһаах кинигэтигэр киллэрэллэрэ. Онон Саха сиригэр ХVII—XVIII үйэлэргэ олорбут биистэри (племена), аҕа уустарын (роды), кинилэр олорбут сирдэрин ааттарын маннык дьаһаах кинигэлэриттэн эрэ булуохха сөп.
Нуучча государствотын ис тутулугар сөп түбэһиннэрэн, Саха сирин «Якутскай уезд» (1638 сылтан, ол аата «оройуон» диэн. – Н. Н.), оттон дьаһааҕы төлөөччүлэр олорор сирдэрин буоластар (ол аата «нэһилиэктэр» диэн суолталаах. – Н. Н.) диир буолбуттара. Маҥнайгынан дьаһааҕы хомуйбут атамааннар Иван Галкин (1631 сыл саас) уонна Петр Бекетов (1632—1633 сс. кыһын) дьаһаахтарын кинигэтигэр киирбит 16 буоластар ортолоругар Байаҕантай диэн аат суох. 1634—1635 сс. дьаһааҕы хомуйбут Иван Галкин испииһэгэр киирбит буоластар ортолоругар «Ботагайская с Алдана» диэн сир аата баар. Нуучча биллиилээх учуонайа Б. О. Долгих «Ботагайская с Алдана» диэн сири «может быть, Баягантайская» диэн тойоннуур, быһаарар. Онтон эмиэ Иван Галкин 1638 сыллаахха оҥорбут дьаһааҕын кинигэтигэр киирбит 32 буоластар истэригэр «Ба[я]гандайская (она же «Башайская») волость» диэн олох чуолкайдык ыйылла сылдьар. «Мы считаем… название Башайская – искажением названия Баягантайская», – диэн Б. О. Долгих олох итэҕэтиилээхтик быһаарар уонна суруйар (Б. О. Долгих. Родовой и племенной состав народов Сибири в XVII в. – М.,1960. – С. 354—355). Онон 1637—1638 сыллардааҕы кыһын дьаһааҕы хомуйуу кинигэтигэр Байаҕантай диэн сир аата аан маҥнай чуолкайдык ахтыллар уонна 1638 сылтан ыла сурукка-бичиккэ киирэн бары докумуоннарга бэлиэтэнэр буолбута. Кинигэҕэ маннык суруллубут: «Взято государева ясаку с багандайсково мужика 3 Борсу 10 соболей без хвостов да шубу соболью, рукава лисьи.
[Вз]ято Государева ясаку с багадайского мужи [ка] … гчигира (текст поврежден, недостает 1—2 букв) 10 соболей без хвостов» (Материалы по истории Якутии XVII века (документы ясачного сбора). Часть I. – М., 1970. – С. 14, 24, 26, 28). Бу курдук Байаҕантай диэн ааттаах сиргэ олорор нэһилиэнньэттэн дьаһааҕы хомуйуу саҕаламмыта. Мантан ыла Байаҕантай диэн сир буолас диэн ааттаммыта уонна бары кинигэлэргэ киирэр буолбута.
1639—1640 сс. кыһын дьаһааҕы хомуйбут Парфен Ходырев кинигэтигэр 34 буолас ыйыллыбыт, кинилэр ортолоругар 1639 сыл сэтинньи 10 күнүттэн (саҥа стилинэн сэтинньи 20 күнэ) ыла Байаҕантай буолаһа чуолкайдык ыйылла сылдьар (Б. О. Долгих. Ыйыллыбыт кинигэ, с. 355). Бу курдук Байаҕантай диэн административнай тэриллии маҥнай 1639 сыллаахха баар буолбута. Мантан ыла буоластар ааттара уларыйбакка кэриэтэ 80‐ча сыл устата турбута. Б. О. Долгих быһаарбытынан, 1640—1720 сс. Байаҕантай буолаһын сирэ-уота кэлин үөскээбит Байаҕантай улууһун сирин барытын хабара. Маны таһынан Маҕаас (билигин Таатта улууһа), Игидэй (билигин Таатта улууһа), Үөдэй (билигин Таатта улууһа, Амма төрдө) буоластар Байаҕантай улууһун сорох сирдэрин хабаллар этэ.
1720-с сыллар саҥаларыгар Саха сирин киин өттүгэр 35 буолас баара. Буоластар ахсааннара наһаа элбэх буолан дьаһааҕы хомуйууга, нэһилиэнньэни салайыыга ыарахаттар, эрэйдэр бааллара. Ол иһин бу бириэмэҕэ кыракый буоластары түмэн, холбоон барыта 5 улуус тэриллибитэ. Улуустар уонна буоластар ахсааннара чуолкайданан, наарданан, сирдэрэ-уоттара быһаарыллан 1730‐с сыллар саҥаларыгар бүппүтэ. Мантан ыла Саха сирин киинигэр барыта 5 улуус – Бороҕон, Мэҥэ, Нам, Хаҥалас уонна Боотурускай улуустар, маны таһынан эмиэ улуус курдук суолталаах бэйэтэ иһигэр эмиэ буоластардаах Байаҕантай буолаһа үөскээбиттэрэ. Сотору кэминэн бары улуустарга буоластар (ол аата билиҥҥитинэн нэһилиэктэр. – Н. Н.) ахсааннара элбээн барбыта. Буоластар (нэһилиэктэр) ааттара 1767—1778 сылларга чуолкайдаммыттара уонна бу бириэмэттэн эрэ ыла чуолкайдык, сурукка-бичиккэ киирэн ааттанар буолбуттара.
Бу бириэмэҕэ (1767—1778 сс.) улуус курдук суолталаах Байаҕантай буолаһыгар маннык нэһилиэктэр (буоластар) киирэллэрэ: Байаҕантай, Байаҕантай, Байаҕантай, Байаҕантай, Бороҕон, Хаҥалас уонна Мээмир (бу Мэмээл эбээннэрин сирэ. – Н. Н.) буоластара. Байаҕантай улууһугар тоҕо 4 хатыланар ааттаах Байаҕантай нэһилиэктэрэ баалларын быһаарар чэпчэки: улуус сирэ-уота олус киэҥ этэ – Алдан орто сүүрүгүттэн хоту Дьааҥы хайаларыгар диэри, хотугулуу-илин – Халыма өрүс баһыгар, тардыытыгар диэри, илин – Охотскай муораҕа диэри тайаан сытара, олохтоохтор бары байаҕантайдарбыт дииллэрэ, онон «Байаҕантай нэһилиэгэ» диэн хат-хат суруллара, ол иһин түөрт Байаҕантай буолан тахсыбыта. Бу түөрт нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ билиҥҥи Кириэс Халдьаайы сиригэр (кэлин 3‐с Байаҕантай нэһилиэгэ диэн ааттаммыта. – Н. Н.) олохсуйбут, тэриллибит буолуон сөп. Бу бириэмэҕэ Эһэҕэ, Үөгэҥҥэ, Кириэскэ, Ичигэскэ, Мэҥэ Алдаҥҥа, Саһылга уонна Ыҥааҕа дьоннор бааллара уонна олохсуйбуттара чуолкай уонна кырдьык.
Байаҕантай диэн тыл суолтата
(ыстатыйаттан быһа тардыы)
Багдарыын Сүлбэ
…Туох суолталаах тылый бу?
1741—1745 сыллардаахха Саха сиригэр Я. И. Линденау диэн швед омук этнограф-учуонайа кэлэн, саха дьонун олоҕун үөрэтэн, чинчийэн научнай үлэни немец тылынан суруйан хаалларбыта уонна онно эбии сахалыы-немецтии тылдьыт оҥорбута. Ол ону тылбаастаан, 1983 с. Магадаҥҥа нууччалыы таһаарбыттара. Онно «Байаҕантай – самый богатый» – диэн сурулла сылдьар.
Ону биһиги «олус элбэх баайдаах» диэн өйдүөхпүтүн сөп. Көрөргүт курдук, бу тылбаас боппуруоһу олорчутун биирдэ, олус судургутук уонна ситэри быһааран кэбиһэр дьоһуннаах туоһу буолар. Туохтааҕый? Баайдаах. Итиччэтигэр баай диэммит байаҕан диэн буоларыгар тиийэр. Итинник тыл биһиэхэ баар дуо? Билигин суох. Ол эрэн кини урукку өттүгэр баар буола сылдьыбыт. Өймөкөөҥҥө Байаҕан диэн үрэх баар. Онтон тоҕо эрэ ити тыл умнууга барбыт. Ол курдук Байаҕантай диэн тыл эмиэ умнуллубут. Ол онон диибит, Байаҕантай диэн ааты оҥорон көрөн быһаарар үһүйээннэр үөскээбиттэр. Ол оннук ааты оҥорон көрөн быһаарыыны «народная этимология» диэн ааттыыллар.
СГУ профессора А. И. Гоголев Байаҕантайы биһиги эрабыт иннинээҕи иккис үйэҕэ олорбут монгол тыллаах баегу – байаҕа диэн ааттаах омук аатыгар -тай сыһыарыы сыстыбытыттан үөскээбит аат буолуон сөп диэбит. Учуонай Байаҕантайы ол оннук түҥ былыргыттан силис тартарар. Итиннэ биһиги сөп, сыыһа диэн тугу да этэр кыахпыт суох – кырамана бэрт.
Уһулуччулаах учуонай, академик В. В. Радлов саха сэһэнньитин үһүйээн кэпсээнин бэчээттэппитэ баар. Омоҕой икки уоллаах этэ дэнэр. Иккис уолун аата Тоһоҕор уус. Ол Тоһоҕор сиэнэ Баай Аҕа. Үһүйээни суруйан биэрбит киһи суругун ис хоһоонун быһааран: «Нуучча була илигинэ саха майгытын кылгас кэпсээнэ. Сурулунна 20 января 1893 года. Суруйдум Баай Аҕа аймаҕар олохтоох, Хаҥалас ытчатын ытчата Пантелеймон Егоров Готовцев», – диэбит.
«Кыһыл Знамя» буоллаҕына 1970 с. ахсынньы 10 күнүгэр Байаҕантай нэһилиэгин аата «баай аҕа» диэн саха тылларыттан тахсар диэн суруйбуттаах. Дьэ, бу Баай Аҕа үһүйээннэргэ баар аҕай. Холобур, Сэһэн Боло 1934 с. Уус Алдан биллиилээх кырдьаҕас олоҥхоһута Д. М. Говоровтан суруйбут үһүйээнигэр эмиэ кэпсэнэр. Омоҕой соҕотох уолун Кэлтэгэй Табык сиэнэ «Баай Аҕа диэн үөскээн, хойут Байаҕантай улууһа буолан, саха дьоно үөскээбиттэрэ» диэн. Бу үһүйээни академик А. П. Окладников болҕомтотугар хатаабыта.
Баай Аҕа – Богатый Отец, Байаҕантай – самый богатый. Ити аата үһүйээннэргэ тыл сүрүн ис хоһооно, суолтата тутуһуллубут, сүмэтэ сиидэлэнэн ылыллыбыт. Байаҕантай – самый богатый. Тылын олоҕо киниэнэ байаҕан диэн буолуохтаах диэбиппит. Итиччэтигэр монгол тыллаахтар баайы туох диэн ааттыылларый диэн ыйытыы үөскүүр. Баай киһини былыргы да, билиҥҥи да монголлар уонна буряттар баян дииллэр, калмыктар буоллаҕына – байн. Ол иһигэр буряттар үчүгэй үүнүүлээх мэччирэҥи баянтай, ол аата баайдаах дииллэр.
Киһи санаата хонор өссө биир маннык суола баар. Арҕааҥҥы буряттарга эхириттэр диэн биис ууһа баар. Историктар кинилэри сахаларга өрүү уруурҕаһыннара туталлар. Дьэ бу эхириттэргэ Баяндай диэн аҕа ууһа баар эбит. Ол кини Эхирит хос сиэнэ дуу, хос-хос сиэнэ дуу Баяндай аатынан ааттаммыт диэн үһүйээннэр кэпсииллэр.
Түмүктүөҕүҥ, Байаҕантай диэн аат, арааһа, монгол тылыттан силис тардар уонна Баайдаах диэн суолталаах быһыылаах. Атыннык эттэххэ, саха байаҕана икки монгол тыллаахтар баяннара икки, арааһа, биир силистээхтэр быһыылаах.
Чолбон.– 1993. – № 8. – С. 189—191.
О происхождении кланового объединения «байаҕантай»
Ф. Ф. Васильев,
кандидат исторических наук
В состав раннесредневекового племенного объединения «теле» входили: сеяньто, вэйхо, хуйко, баягу, тунло, пугу, апа, телеер, доланьге, кипи, таки, хун, фулико, тубо и гуликань. Некоторые из племен теле упоминаются не только в династийных хрониках, но и в древних рунических надписях. Таковы, например, уйгуры, баегу (байырку), тунгло (тонгра), гуликань (курыканы). Из них курыканы считаются прямыми историческими предками якутов. Нельзя упускать из виду также и то, что якутский язык относится к уйгуро-огузской группе тюрских языков. Вполне возможно сохранение этнонима теле у якутов в форме «телей». Название патронимической группы со временем превратилось в название наслега в Чурапчинском улусе. В этой связи нельзя не упомянугь название крупного кланового объединения «байаҕантай». Обитавшие по долинам рек Алдана и Татты баягантайцы образовали в 18 веке четыре улуса (северные части современных Усть-Алданского, Таттинского улусов и Оймяконский и Томпонский улусы). Трудно подвергнуть сомнению предположение, что первоначальной формой «байаҕантай» является этноним «баайаҕа». По всей вероятности, консолидация баягантайцев происходила вокруг кланового образования «баайаҕа». К такому выводу побуждает сохранение до настоящего времени названия Баайаҕа, бывшего центра Баягантайского улуса. Археологические раскопки памятников ХV—ХVII веков показывают наибольшую культурную освоенность именно этого региона, т. е. территории Баягинского наслега Таттинского улуса. В 1974 г. на земле баягинцев И. Д. Архиповым было раскопано погребение с конем, где конь и хозяин были похоронены в одной могильной яме. Упоминаемые в китайских хрониках племена баегу и байегу сопоставляются с древнетюрским байырку. Основываясь на вышеназванные и арабские источники, современные бурятские исследователи склонны отождествлять байырку с баргутами. Однако, следует сразу же оговориться, что транскрипция слова «байырку» в переводе с древнетюркского не достоверна и в свое время подвергалась сомнению известными тюркологами Ф. Хиртом и В. Томсеном. Предположительно известный средневековый тюркский этноним дошел до этнографической современности без особых изменений в форме «баайаҕа». К тому же, этнографический материал дает веские доводы в пользу существования у якутов этнонима баргут (баргыт).
В. А. Туголуков предполагал, что эвенкийский род «баягир», вероятно, ведет свое начало от уже известного нам народа баегу (байырку), который был генетически связан с уйгурами. Мы склонны к мнению, что «баягир» образован с тунгусоманьчжурского «бэйэ» – человек, мужчина и суффикса -гир, характерного для родовых названий тунгусов. К этому следует добавить, что факт признания человеком (людьми) только своего ближайшего окружения, соплеменников, известен с древних времен и является общечеловеческой концепцией. Во всем мире множество этнических названий имеют в основе значение слова «человек».
Более обоснованным кажется мнение другого известного исследователя, подозревавшего в «сеоке баиги у камасинцев и баигул у чулымских татар потомков легендарных ба-и‐гу» (Грум-Грижимайло Г. Е. С. 250). Таким образом, баягантайские якуты ведут свое начало от тюркоязычных байегу, одного из крупных ответвлений знаменитых тогуз-уйгуров».
Военное дело якутов. – Якутск, 1995. – С. 24—25
Баайаҕа хантан үөскээбитэ
Н. Е. Винокуров-Урсун, поэт
Билигин итинник ааттаах нэһилиэк Таатта улууһугар баар. Үрэҕин аата эмиэ Баайаҕа. Баайаҕа Байаҕантай улууһун киинэ буола сылдьыбыта. Нэһилиэк уруккутун сырдатар биллиилээх кыраайы үөрэтээччи Е. Д. Андросов «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» диэн бэртээхэй кинигэтин (Дьокуускай, 1995 с.) бастакы чааһын таһаартарда.
Баайаҕа диэн аат былыргы байыгы дуу, байаҕа дуу диэн ааттаах омук (биис) аатыттан тахсыбыт буолуон курдук диэн сабаҕалааһыны оҥоруохха сөп. Ол курдук бу сабаҕалааһыммын чиҥэтэр үлэлэр урут суруллубуттар эбит, сорохтор саҥардыы таҕыстылар. Олору ырытан көрдөххө, Баайаҕа диэн тыл Баай аҕа диэн саха тылыттан буолбакка, былыр Монголия иһигэр, Байкал кэтэҕэр (Забайкалье), Амур өрүс уҥа тардыытын диэки олоро сылдьыбыт байегу-байырку омук аатын кытта ситимнээх курдук.
Нуучча уһулуччулаах учуонайа Л. Н. Гумилев үгүс үлэлэригэр байегулар-байыркулар тустарынан элбэхтик ахтар. Олорбут да сирдэрин кини оҥорбут картатынан сирдэттибит. (Көр: Л. Н. Гумилев. Древние тюрки. – Москва, 1993. – С. 127). Ити 550—600 сылларга сыһыаннаах. Гумилев көрдөрөрүнэн, ити саҕана түүрдэр арҕааҥҥы түүрскэй хаҕанат уонна илиҥҥи түүрскэй хаҕанат диэннэргэ хайдыспыт кэмнэрэ эбит. Байыркулар арҕаа ыаллара уйгурдар, хоту ыаллара мохэ, соҕуруу ыаллара байсы, илин ыаллара шивэй диэн ойууламмыттар. Оччолорго курыканнар Ангара, Лена бастарынан, оттон кыргыстар Енисей баһынан олорбуттар. Итини эбии чиҥэтэрдии этиллибит үлэ 265 страницатыгар VII үйэ ортотугар оччотооҕу омуктар (биистэр) маннык олорбуттара диир: «В степи между Хэнтеем и Хинганом – байегу-байырку; в долине р. Селенги, к западу от пугу – сыге; к югу от байырку – байсы; в Забайкалье – гулигань-курыканы…»
Онон VII үйэҕэ байегу-байыркулар олорбут сирдэрэ Хэнтэй уонна Хинган икки ардыларынан эбит. Оттон Л. Н. Гумилев «В поисках вымышленного царства» (Санкт-Петербург, 1994) кинигэтин 320 страницатыгар оҥоһуллубут «Улуу истиэп биистэрэ VIII үйэттэн Х үйэҕэ диэри» диэн картатыгар байыркулар олорор сирдэрэ быдан арҕаа сыҕарыйбыт. Билигин кинилэр урут уйгуурдар олорбут сирдэригэр, Онон уонна Керулен өрүстэр ыһытыыр бастарыгар, олорор буолбуттар. Кинилэртэн арҕаа, Селенга өрүс тардыытыгар, уйгуурдар, хоту – монголлар, илин – татаардар, соҕуруу – байсылар бааллар эбит.
Сахалар историяларын дьаныһан үөрэппит СГУ профессора А. И. Гоголев байегулар (кини баегулар диэн ааттыыр) хоту түспүттэрин туһунан бу курдук суруйар: «Видимо, с конца IХ века из Прибайкалья начался медленный отход основной массы курыкан и баегу на север».
Аны Х үйэ кэнниттэн монголлар күүһүрбүттэрэ. Кинилэр байыркулар олорор сирдэригэр үөскээбит чжурженнэр государстволарын кытта өр сылга сэриилэспиттэрэ. Ол саҕана итиннэ байегу-байырку омук суох буолбут.
Байегу-байырку омук хайдах тыллааҕын, култууралааҕын туһунан чопчу туоһулуур чахчылар суохтарын кэриэтэ, ыаллыы олорбут омуктарынан (биистэринэн) таайдахха, уйгуур, монгол тылларыгар чугас тыллаах буолуохтарын сөп. Мохэ, чжуржен (маньчжур) биистэрин кытта алтыспыттарыттан былыр-былыргыттан эбэҥки тылын билэр, өйдүүр омук курдук сабаҕалыырга төрүт баар. Манна даҕатан эттэххэ, быйагы диэн эбэҥки уустарын аата байегу-байыгы биистэрин кытта төрүккүттэн уруулууларын, биир төрүттээхтэрин ыйа сылдьар да буоллаҕына көҥүллээх.
Байегу – байаҕа биһиги эрабыт иннинээҕи икки үйэҕэ олорбут монгол тыллаах омук буолуон сөп диэн санааны маҥнай эмиэ А. И. Гоголев эппитэ. Саха биллиилээх топонимиһа Багдарыын Сүлбэ «Байаҕантай» ыстатыйатыгар (Чолбон. – 1993 с. – № 8. – 186—192) бу тыл историятын, туттуллуутун киэҥник хабан ырытар. Онно Гоголев үөһээ аҕалыллыбыт этиитин туһанан баран: «Ученай Байаҕантайы ол оннук түҥ былыргыттан силис тартарар. Итиннэ биһиги сөп‐сыыһа диэн тугу да этэр кыахпыт суох – кырамана бэрт», – диэн төһө да хайыҥ охсуннар, байаҕантайдары монгол тыллаах омукка киллэрэр. Ол курдук, ыстатыйатын маннык түмүктүүр: «Байаҕантай диэн аат, арааһа, монгол тылыттан силис тардар уонна баайдаах диэн суолталаах быһыылаах. Атыннык эттэххэ, саха байаҕана икки монгол тыллаахтар баяннара икки, арааһа, биир силистээхтэр быһыылаах». (Ыйыллыбыт ыстатыйа, с. 190).
Биһиги суруйар темабытын чопчу сырдатар үлэ соторутааҕыта күнү көрбүтэ. Ол – Федор Федорович Васильев «Военное дело якутов» (Якутск: Бичик, 1995) кннигэтэ буолар. Онно учуонай Н. Я. Бичурин «Собрание сведений о народах, обитающих в Средней Азии в древние времена» диэн Москваҕа – Ленинградка, 1950 с.; А. Г. Малявкин «Историческая география Центральной Азии (материалы и исследования)» диэн Новосибирскайга 1981 с.; С. Е. Малов «Памятники древнетюркской письменности» диэн Москваҕа – Ленинградка 1951 с. бэчээттэммит кинигэлэригэр сигэнэн, баайаҕа, байаҕантай диэн тыллары аахпыт эрэ киһини ылыннарардыы быһаарар. Кини этэринэн, байегу бииһэ «тэлэ» диэн аатырбыт биистэр холбоһуктарыгар киирэрэ (с. 24) үһү. Ити тыл былыргы түүрдэр руническай суруктарыгар баарын санатар (с. 24). Эмиэ итиннэ тэлэ (баҕар, төлө буолуо) бииһин аата Чурапчы Төлөйүн аатыгар иҥэн сылдьара буолуо диэн хорсун сабаҕалааһыны оҥорор. Оттон биһиги ырытар тылбыт туһунан маннык этэр: «…Первоначальной формой «байагантай» является этноним «баайаҕа». По всей вероятности, консолидация баягантайцев происходила вокруг основного кланового образования «баайаҕа». К такому выводу побуждает сохрание до настоящего времени названия Баайага, бывшего центра Баягантайского улуса. Археологические раскопки памятников ХV—ХVII веков показывают наибольшую культурную освоенность именно этого региона, т. е. территории Баягинского наслега Таттинского улуса.
Көрөргүт курдук, манна ученай байаҕантай төрдө баайаҕа диэн тыл буоларын чопчу ыйар.
Оттон баайаҕа уонна байегу хайдах сыһыаннаахтарын Ф. Васильев эмиэ арыйар: «…Баягантайские якуты ведут свое начало от тюркоязычного байегу, одного из крупных ответвлений знаменитых тогуз-уйгуров».
Дьэ, манна байегулар-баайаҕалар уйгууртан утумнаахтара уонна түүрдүү тыллаахтара толору этилиннэ.
Итинэн Ф. Васильев Багдарыын Сүлбэҕэ утары санааны этэр курдук өйдүөххэ сөп дуо? Эппиппит курдук, Багдарыын Сүлбэ байаҕантайдары монголлуу тыллаах биистэргэ киллэрэр. Ону кини норуот үһүйээнигэр этиллэр байаҕантай тыллаахтарынан эбии ытаһалыыр: «Ити этиини сахаттан атын, саха киһитэ өйдөөбөт тыллаах биис ууһа диэн өйдүөххэ сөп. Ол эбит – монгол тыллаах. Син хоролор курдук», – диир Багдарыын Сүлбэ.
Байегулар уйгуурдары, кэлин монголлары кытта ыаллыы олорбуттарын биһиги үөһэ ахтыбыппыт. Сүрүн тыллара түүрдүү да буоллар, монголлуу билэр, быһаарсар буолуохтарын сөп. Уопсайынан, түүрдүү, монголлуу диэн араарыы, тус-туһунан тыллар, омуктар курдук өйдөөһүн билигин уларыйыан наада. Л. Н. Гумилев да этэринэн, хуннар, түүрдэр, монголлар төрөөбүт-үөскээбит эйгэлэрэ бэрт чугас биистэр холбоһуктарыттан төрүттээхтэр. Онон байегулар-баайаҕалар буолан, саха норуотун састаабыгар туспа улуус быһыытынан ааһарыныы, байаҕантайдары атарахсытыы, намтата көрүү, баҕар, былыргы сахаларга баара эбитэ буолуо. Ол кылааннар (Ф. Васильев тыла) иһигэр атааннаһыынан, холобур, «Мин Хаҥаласпын», «Мин Байаҕантайбын» дэһиинэн быһаарыллыан сөп буолбат дуо?.. Ханныгын да иһин, саха түүрк уонна монгол хааннааҕа мөккүөрэ суох.
«Баайаҕаны» тыл быһыытынан ыллахха, былыргы байегу, байигу, баига, баега, байырку омук аатыттан тахсыбыта харахха быраҕыллар. Холобур, байегу диэн суруйууну сахатытар буоллахха, байыгы – байага тахсан кэлэр. Оттон нуучча «г» буквата түүрдэргэ уонна монголларга «ҕ» дорҕоон буолара уруккуттан биллэр. Онон «байаҕа» эбэтэр «баайаҕа» диэн тыл омук (биис) аата буолара, ол кэлин сир, үрэх аатыгар иҥмитэ дьэҥкэ.
Багдарыын Сүлбэ баайаҕа диэн тыл байаҕан варианыттан монголлуу -тай сыһыарыы көмөтүнэн байаҕантай диэн өйдөбүл үөскээбитэ диэн сөпкө быһаарар (Ыйыллыбыт ыстатыйа, с. 186.) Бэйэм тыл үөрэхтээҕэ буоларбынан, монгол тылыттан саха тылыгар киирбит байтаһын диэн тыл, эмиэ баайаҕа‐байаҕа диэбит курдук, икки варианнааҕын баайтаһын-байтаһын дэнэрин санатыам этэ.
Кырдьык, Багдарыын Сүлбэ этэринии, кырамана да бэрдин иһин, ол былыргы баайаҕалар ханан уонна хайдах Саха сиригэр кэлбиттэрин хайан көрөргө тиийэбин. Амур өрүс баһыттан ол былыргы өбүгэлэрбит хоту түспүт аартыктарынан Шилка өрүстэн чугас тардар Битиим уонна Өлүөхүмэ (уруккутунан Олоохуна) өрүстэр буолуохтарын сөп. Эбэтэр Алдан баһа да адьас бу сыттаҕа.
Багдарыын Сүлбэ аҕалар холобурдарынан, ити норуот үһүйээннэринэн бигэргэтиллэр курдук. Байаҕантайдары Сэһэн Боло Омоҕой дьонуттан (моҕуоллартан) таһаарар эбит. Оттон Г. В. Ксенофонтов «Урааҥхай сахаларыгар» хоролор, байаҕантайдар, сортуоллар буряттары кытта булкуһа олорбуттарын ыйбыт (с. 87). Арааһа, сорох бурят чинчийээччилэрэ байыркылары баргуттары кытта ситимнииллэрэ түбэспиччэ буолбатах быһыылаах.
Ол курдук, байаҕантайдар олорор сирдэригэр Баргы диэн ааттаах сирдэр (Таатта улууһа, Алдан нэһилиэгэ), оттон Ф. Ф. Васильев суруйарынан баргыт диэн биистэр бааллар (Ыйыллыбыт кинигэ, с. 25.). Аһара баран эттэххэ, баҕар, Байкал күөл, онно түһэр Баргы өрүс (Баргузин) ааттара баайаҕа омуктары кытта ситимнээх буолаайаллар?
С. Петров диэн элбэх кэрэхсэбиллээх сабаҕалааһыннардаах ыстатыйа автора Байкал күөл аатын баай аҕа диэн тылтан тахсыбыта буолуо диэн суруйбута (Чолбон. – 1995. – № 6. – С. 175). Ити кини байыгы-баайаҕа омук баарын ахтан көрбөккө, сахалыы Баай Аҕа ууһа диэнинэн муҥурдаммытыттан тахсыбыта чахчы. Дьиҥэр, баайаҕа (л), былыргы вариант, баар, баигул (итинник Чулым татаардара ааттанар эбиттэр) буолуо, диэнтэн баайҕал – байҕал диэн тахсыан эмиэ сөп буоллаҕа… Баайаҕалар сорохторо Байкал күөлүнэн, Элиэнэ баһынан, кэлиэхтэрин эмиэ сөп.
Багдарыын Сүлбэ ыстатыйатыгар, Далан «Тыгын Дархан» романыгар, Е. Д. Андросов кинигэтигэр ахтыллар Баайаҕа нэһилиэгин төрүтэ Баай Аҕа диэн киһи аата умнуллубут баайаҕа бииһин аатыгар сөп түбэспитэ буолуо. Итини чинчийээччилэр «норуот этимологията» диэн ааттыыллар.
Баайаҕа уонна Байаҕантай диэн өйдөбүллэр ыырдара киэҥ, быдаарыйар былыргыга, билиҥҥи сахалар үөйбэтэх да сирдэригэр тиэрдэ, норуоттар таабырыннаах историяларын хайан көрөргө ыҥыра, сирдии тураллар.
Баайаҕалар манна кэлэн, ханан тэнийэн, туспа улуус буолан, Саха сиригэр үөрэх-сайдыы киинин үөскэтэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллиилээх дьону биэрбиттэрин туһунан Е. Д. Андросов кинигэ суруйда. «Баай аҕа ууһа Баайаҕа» ааҕааччыга элбэх сонуну тиэрдэр, астык кинигэ. Былыргы төрүттэрим туһунан мин публицистическай поэма суруйан, «Чолбоҥҥо» бэчээттэттим.