Czytaj tylko na LitRes

Książki nie można pobrać jako pliku, ale można ją czytać w naszej aplikacji lub online na stronie.

Czytaj książkę: «Былыргы былдьаһыктаах сыллартан… Саха боотурун сэбэ-сэбиргэлэ»

Czcionka:

«Өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх»

Николай Николаевич Аржаков идэтинэн математик, үрдүк үөрэҕи бүтэриэҕиттэн өр сыллар тухары науканан дьарыктанна. Ол курдук Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕатын үөрэтэр институкка, Саха сиринээҕи региональнай экономика институтугар научнай сотруднигынан үлэлээтэ. Мин Саха государственнай университетыгар саха салаатыгар үөрэнэр кэммэр, сэттэ уонус сылларга, Николайы эдэр саас биһигэр Сэргэлээххэ көрөрүм. Өрүкүйбүт хара баттахтаах, мэлдьи тугу эрэ толкуйдуу сылдьар, саҥата-иҥэтэ суох, бэрт көрсүө, сэмэй уол быһыылааҕа. Соччо бодоруспатахпыт эрээри сиэр быһыытынан дорооболоһон, кэпсэтэн ааһар этибит. Кэлин даҕаны, төһө да биир научнай тэрилтэҕэ үлэлээтэрбит, оннук аһара чугасыһан барбатахпыт. Ол эрээри ааспыт сыл бүтүүтэ Чурапчы Хатылытыгар нэһилиэк баһылыга В.В. Ершов ыҥырыытынан научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ тахса сылдьан, Николай Николаевич төрөөбүт-үөскээбит түөлбэтиттэн – Биттики сайылыгыттан – булбут биһилэхтэрин туһунан кэпсээбитин истэн баран, өрөөбүт уоһун өһүллэҕинэ, хоммут уоһун хоҥнордоҕуна, кэрээбэт кэпсээннээх сээркээн сэһэнньит, ис сүрэҕиттэн дьаныһан туран үлэлиир кыраайы үөрэтээччи, сир түннүгэ киһи эбит диэн санааҕа кэлбитим.

Н.Н. Аржаков атах сыгынньах сүүрбүт, көрүлээн көччүйбүт алааһын түҥ былыргытын, кини кистэлэҥнэрин, ытык сиргэ кимнээх олорон ааспыттарын туһунан архыып докумуоннарыгар олоҕуран суруйбут тойоннооһуннарын, сабаҕалааһыннарын, көрүүлэрин суруйан, хомуурунньук бэлэмнээбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Ааптар туруоруммут соругун: «Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ кэлэн туран, былыргы өбүгэлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуларыгар туттар малларын-салларын хайдах оҥостоллорун, былыр үйэҕэ умнуллан хаалбыт араас мындыр ньымаларын үөрэтии уонна ону кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыы бу сүдү суолталаах сорук дии саныыбын», – диэн саамай сөпкө быһаарар.

Ааптар туох-ханнык иннинэ оҕо эрдэҕиттэн оонньоон-көрүлээн ааспыт Биттики сайылыгын аатын-суолун анааран көрүүтэ кини чахчы мындырын, боппуруоһу бары өттүнэн дириҥник ырытарын көрдөрөр. Биллиилээх топонимист М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ үйэлээх сааһыгар хомуйбут картотекатыттан Биттики уонна маныаха майгынныыр сирдэр ааттара Намҥа, Тааттаҕа, Чурапчы Сылаҥар баалларын быһаарбыт. «Биттики, баҕар, билгэ диэнтэн тахсыбыта буолуо» диэн санаанан салайтаран, итиниэхэ сыһыаннаах икки түбэлтэни кэпсээн аһарбыта кэрэхсэбиллээх.

Ааптар иккис сабаҕалааһын быһыытынан балкаар бэйиэтэ Саид Шахмурзаев хоһоонуттан Биттики диэн суруктаах хайа аата ахтыллыбытын булан ылан түөргэлээн суруйбута, рунанан былыргы тааска суруллубут суругу-бичиги кытта ситимнээбитэ итэҕэтиилээх. Н.Н. Аржаков түмүгэр Биттики диэн аат мээнэ бэриллибэтэҕин, түҥ былыргыны, үтүө үгэһи, манна олорбут дьон идэлэрин, дьарыктарын кытта дьүөрэлэһэрин, ытык кэрэ сир буоларын сиһилии арыйан көрдөрбүт.

Ааптар суруйарынан, Биттики алаас нууччалар Саха сиригэр кэлиэхтэриттэн, Дьокуускай кэнниттэн илин эҥээргэ иккис остуруок тутуллуоҕуттан сурукка-бичиккэ, историческай докумуоннарга киирбит эбит. Н.Н. Аржаков биллиилээх суруйааччы В.Г. Короленко, фольклорист С.И. Дьячковскай-Сэһэн Боло уонна оҕо сылдьан истибит кэпсээннэригэр олоҕуран, итиэннэ Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейтан булбут В.Г. Короленко уруһуйунан сирдэтэн, остуруок турбут сирин чуолкайдаабыт. Алаас өтөхтөрүн хас да сайын чинчийэн, олус кэрэхсэбиллээх булумньуламмыт. Бу көрдөөһүнүн түмүгэр Биттикигэ сахалар нууччалар кэлиэхтэрин инниттэн уутуйан олохсуйбуттарын, тимири уһааран араас тэрили оҥороллорун сиһилии суруйбут. Тимир уустара оҥорбут сэптэрэ-сэбиргэллэрэ – иһэрдии сүгэ, быһах, чокуур саа саха тимири уһаарыыга үөрүйэҕин, сатабылын, култууралара үрдүгүн кэрэһэлиир.

Николай Николаевич руна суруктаах биһилэхтэри булбута сүҥкэн арыйыы диэххэ сөп. Маны этэн эрдэхтэрэ «көрдөөбүт көмүһү булар» диэн. Ааптар биһилэхтэргэ баар бэлиэлэри саха боотурдарын тамгата диэн сэрэйэр уонна историческай докумуоннарга киирбит Чоху Гуликанов биһилэҕэ буолар диэн сабаҕалыыр. Маннык руна суруктаах биһилэх Верхоянскай музейыгар баарынан сэрэйдэххэ, сахалар руническай суруктарын илдьэ кэлбиттэрэ чахчы быһыылаах. Ол да иһин, өрдөөҕүтэ эмиэ Чурапчы сиригэр Чэлгиэрийэ руническай сурук көстүбүтэ түбэһиэхчэ буолбатаҕын кэрэһэлиир. Норуот былыргы сэһэннэригэр өбүгэбит төрдө Эллэй Боотур туоска сууламмыт суруктааҕа үһү. Ол суругун ууга түһэрэн кэбиспит диэн буолар. Өр сылларга Саха сиригэр олорон биһиги төрүттэрбит руническай суруктарын-бичиктэрин умнубуттарын сэһэҥҥэ судургу соҕустук быһаарбыттара көстөн тахсар. Маныаха Н.Н. Аржаков курдук сир түннүгэ дьон, кыраайы үөрэтээччилэр наука үлэһиттэригэр кэрэхсэбиллээх булумньуларынан кыттыһалларын эҕэрдэлиэххэ эрэ сөп. Ааптар иккис улахан суолталаах арыйыыта – саха боотурун куйаҕын туорумнарын (пластинкаларын) булбута буолар. Уопсайа 110 туоруму булбут, ааптар сабаҕалыырынан, куйаҕы таҥарга анаан бэлэмнээбит баллырдара эбит. Хотугу сир физико-техническэй кыһалҕатын үөрэтэр институт лабораториятыгар аныгы технологическай ньыманан анаалыстааһын түмүгэр саха уустара аҥаардас хатаран уонна таптайан үрдүк хаачыстыбалаах тимири уһаараллар уонна араас тэрили оҥорор ураты сатабыллаахтар эбит. Маны тэҥэ сахалар, ол иһигэр Биттики олохтоохторо, билигин туойунан араас иһити, көһүйэни оҥороллоро төрүт култуура көстүүтэ буолар. «Чороон» ХЭТ бу хайысханан Кытайы кытта үлэлэһэн, чороон арааһын, биллиилээх художник-дизайнер А.Н. Филиппова эскиистэринэн фарфортан сувенирдары оҥорон тарҕатан эрэрэ хайҕаллаах. Ол эрээри саха күөсчүттэрин технологияларын тилиннэрэн сөргүтүөххэ наада. Н.Н. Аржаков, бэйэтэ идэдийбит уонна дьоҕурдаах киһи сиэринэн, «Саха сирин боотурун сэбэ-сэбиргэлэ» диэн үлэтин иккис түһүмэҕэр Биттикиттэн булбут бухатыыр куйаҕын, кыргыһыыга, булка-алка туттар сэбин-сэбиргэлин – батаһы, кылыһы, үҥүүнү, ох сааны, чаачары оҥоруу технологиятын, сатабылларын музейдар экспонаттарын кытта тэҥнии тутан үөрэппитэ, сиһилии кэпсээбитэ, арыйан көрдөрбүтэ кэрэхсэбиллээх. Николай Николаевич интэриэһинэй суруйуутун ааҕа олорон, саха барахсан сатаабатаҕа суох диэн санааҕа кэлэҕин. Дьэ, ол иһин урааҥхай соҕуруу дойдуттан үүрүллэн-үтүрүллэн кэлэн, сүөһү-ас тутан, таҥас-сап тэринэн, бултаан-алтаан бэйэтин ураты култууратын олохтоотоҕо. Ол да иһин, урааҥхай саха уһаан-тэнийэн, Саха сирин уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ сири баһылаан, үс саханы үөскэттэҕэ, түөрт саханы төрүттээтэҕэ. Биттики алаас былыргы олохтоохторо саха төрүт култууратын нууччалар кэлиэхтэригэр диэри илдьэ олордохторо, ол да иһин кинилэри кытта алтыһан, ааспыт омоон суоллара Николай Николаевич кыраҕы хараҕын далыгар киирэн, билиҥҥи сайдыылаах үйэ дьонун билиитигэр-көрүүтүгэр тиийэр кыахтанна.

«Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биттикиттэн төрүттээх-сыдьааннаах Н.Н. Аржаков дойдутун түҥ былыргыттан түөһэн, үөрэтэн, чинчийэн, бэртээхэй кинигэни суруйбута кимиэхэ баҕарар үтүө холобур буолуон сөп. Уйаара-кэйээрэ биллибэт Сахабыт сирин ааттаах-суоллаах алаастарбытыгар, өбүгэлэрбит өтөхтөрүгэр, тумаҥҥа муммут тумулларыгар, дьон-сэргэ тоҕуоруйан ааспыт тоҕойдоругар төһөлөөх былыргы мал-сал, остуоруйа кэрэһитэ саһан, кистэнэ сытарын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Николай Николаевич курдук энтузиаст кыраайы үөрэтээччилэр сүрэхтэрин баҕатынан, санааларын күүһүнэн, мындырдаан, чинчийэн бэрт элбэҕи билиэхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ, наука эйгэтигэр таһаарыыга күүс-көмө буолуохтарын сөп. Оччоҕуна өбүгэлэрбит олорон ааспыт омоон суолларын эдэр ыччат өйдүө, түүрдэртэн төрүттээх үс куттаах урааҥхай буоларынан чахчы киэн тутта саныа этэ.

В.В. Илларионов,
филологическай наука доктора, профессор

Ааптартан

Былыргы биһиги өбүгэлэрбит хайдах-туох олорон ааспыттарын билбэппит элбэх. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр уһун сылларга олорон ааспыт олохторуттан-дьаһахтарыттан суруллан хаалбыта бэрт аҕыйах. Кэлиҥҥинэн дьоҥҥо-сэргэҕэ былыргы төрүттэрин, кинилэр олорон ааспыт олохторун сэргээһин, үөрэтии күүһүрдэ. Онтон сиэттэрэн, өбүгэлэрбит былыр хайдах олорон ааспыттарын үөрэтии түмүгэр түгү билбиппин ааҕааччылары кытта үллэстэргэ быһаарынным.

Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ кэлэн туран, өбүгүлэрбит тыйыс айылҕалаах дойдуларыгар туттар малларын-салларын хайдах оҥостоллорун, былыр үйэҕэ умнуллан хаалбыт араас мындыр ньымаларын үөрэтии уонна ону кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыы бу сүдү суолталаах сорук дии саныыбын. Оччотугар эрэ кэнэҕэски көлүөнэ былыргы өбүгэлэрбит мындырдарын сөҕө, кинилэр былыр да, бэйэлэрин кэмнэригэр да үрдүк култууралаах уонна сайдыылаах, атын омуктартан итэҕэһэ суох олорбуттара диэн киэн туттуохтара.

Биттики алаас урукку Боотуруускай улууһун Сүпсүк Болугур аҕатын ууһун дьонун-сэргэтин биир маанылаах уонна ытыктабыллаах сирэ-дойдута буолар. Бу алааска төрүттэрбит урут үрдүк сайдыылаахтык олорбуттарын 1634 с. Биттикигэ Дьокуускай кэнниттэн иккис остуруогу тутуу, саха номоҕор эрэ баар өбүгэлэрбит суруктара-бичиктэрэ, аҕа уустарын бэлиэлэрэ, тимир уһааран араас туттар сэби, сааны уонна куйаҕы оҥороллорун дьиҥ чахчы көстүбүт артефактар туоһулууллар.

Сахалар, бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах норуот, түҥ былыргыттан бу тыйыс айылҕалаах сиргэ кэлэн да баран, сүтэн-симэлийэн хаалбатаҕар көмүскэнэр куйахтара, сэриилэһэр уонна бултуур сэптэрэ-сэбиргэллэрэ үрдүк таһымнаах оҥоһуулаахтара история араас уустук моһоллорун солуулларыгар улахан суолталааҕа чахчы. Онон билиҥҥи сахалар өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт сэптэрин-сэбиргэллэрин сөргүтэрбит уонна күннээҕи олохпутугар киллэрэн, саҥалыы тыын биэрэрбит – ытык иэспит. Баччааҥҥа диэри саха боотура хайдах куйахтааҕа биллибэт эбит буоллаҕына, билигин дьиҥ чахчы көстүбүт булумньуларга олоҕуран, «хатырык» уонна «дьапталҕа» куйахтар оҥоһууларын көрдөрдүм. Ону сэргэ, саха боотурун сэриигэ уонна бултуурга туттар уһуктаах уонна биилээх сэбин-сэбиргэлин – батаһы, батыйаны, кылыһы, үҥүүнү, ох сааны, оноҕостору музейга баар экспонаттарга уонна научнай үлэлэргэ тирэҕирэн, хайдах курдук мындырдык оҥоһуллубуттарын сырдатан суруйдум.

«Бу кинигэ күн сирин көрөрүгэр үгүс дьону кытта алтыһан, санаа атастастым. Үтүө сүбэлэрин уонна көмөлөрүн иһин кыраайы үөрэтээччи П.Р. Ноговицыҥҥа, Гуманитарнай чинчийии институтун научнай үлэһитэ В.Г. Поповка, биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, тимир ууһа уонна суруйааччы Б.Ф. Неустроевка-Мандар Ууска, Саха сирин научнай киинин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, техническэй наука доктора А. Левиҥҥэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет профессора С.К. Аржаковаҕа, «Арчы» хаһыат солбуйар эрэдээктэрэ Н.Н. Петровка дириҥ махталбын биллэрэбин. Кинигэ таһын уонна түһүмэхтэри биир дойдулааҕым Г.К. Чичигинаров, боотурдары олус итэҕэтиилээхтик, оччотооҕу кэм куйахтарыгар, таҥаһыгар-сабыгар чугаһатан ойуулаан, анаан-минээн киэргэттэ.

Күндү ааҕааччыларым, өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун үөрэтэн, былыргы умнуллубут өрүттэрин сөргүтэн, кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларан, сахабыт норуотун историятын өссө байыттыннар диэн баҕа санаабын этэбин.

Ураанхайдар буолабыт

 
Уйаара-кэйээрэ көстүбэт
Улуу истиэп
Усталаах-туоратын
Уһун үйэлэргэ
Үлтү тэпсибит
Түҥ былыргы
Түүрдэртэн төрүттээх
Үс Саха диэн ааттаах
Урааҥхайдар буолабыт.
 
 
Үс түүннээх күн
Утуйбакка да олорон
Урукку олохпутун
Олоҥхонон ойуулаан
Уйулҕабытын уһугуннарар
Түҥ былыргы
Түүрдэртэн төрүттээх
Үс Саха диэн ааттаах
Урааҥхайдар буолабыт.
 
 
Саймаархай салгыннаах
Самаан сайын
Салаллан кэлиитэ
Көөнньөрүүлээх кымыһынан
Ыһыах ыһар
Түҥ былыргы
Түүрдэртэн төрүттээх
Үс Саха диэн ааттаах
Урааҥхайдар буолабыт.
 
 
Тоҥолохтон тутуһан
Күн хоту эргиччи
Күргүөмнээх үҥкүүнү
Көҕүлүттэн туппут
Эһиэхэйдиир ырыалаах
Түҥ былыргы
Түүрдэртэн төрүттээх
Үс Саха диэн ааттаах
Урааҥхайдар буолабыт.
 

Күндү ааҕааччыларым, кинигэбит маҥнайгы сирэйин арыйан олоҥхоҕо хоһуйалларыныы:

Былыргы былдьаһыктаах сыллар быдан мындааларыгар

 
Ааспыт араллааннаах сыллар анараа арҕастарыгар
Урукку охсуһуулаах сыллар кулун уорҕаларыгар
Аттаныаҕыҥ эрэ доҕоттоор, билэ-көрө, үөрэтэ, чинчийэ.
 

Биттики таабырыннара
Биттики диэн аат хантан кэлбитэй?

Биттики диэн аат хантан кэлбитэ буолла уонна туох диэн өйдөбүллээх буолуой? Бу ыйытыыга ким да сөптөөх эппиэти биэрбэтэх эбит. Ол курдук, билиҥҥи саха кэпсэтэр тылыгар да, Э. Пекарскай тылдьытыгар да кэлин тахсыбыт «Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар» да биир эмэ быһаарыы бэриллибэтэх.

Дьэ, бу тыл суолтатын быһаарар сорукпун төрөөбүт дойдубут сирин-уотун, өрүстэрин, күөллэрин аатын үөрэтэр биллилээх топонимист М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэни кытта көрсүһүүттэн саҕалаатым. Михаил Спиридонович үйэ аҥаарын устата туруулаһан муспут баай картотекатыттан Биттики алаас Чурапчы оройуонун Хатылытыгар, Биттиги сайылык бу оройуон Сылаҥар, Биттики диэн күөл Нам оройуонун Модутугар, Биттигэ диэн эбэ Таатта Игидэйигэр бааллар диэн, ити сирдэр ааттара суруллубут карточкаларын ылан көрдөрдө. Ону таһынан Битти диэн сир Тааттаҕа баара киирэ сылдьар эбит. Михаил Спиридонович тыл олоҕо «битти» диэн буолуо диир. Ол эрээри Битти да, Биттики да туох өйдөбүллээхтэрэ карточкаларга ыйыллыбатах диэн быһаарар. Дьэ, хата, кини картотеката баар буолан, улахан эрэйэ суох, ханнык сирдэр баалларын биллэҕим ити. Багдарыын Сүлбэ үйэ аҥаара муспут баай матырыйаалын билиҥҥи үйэҕэ эппиэттиир информационнай база оҥорторон, Интэриниэт ситимигэр киллэртэрэрэ буоллар, дьоҥҥо-сэргэҕэ өссө улахан туһалаах буолуо эбит дии санаатым.

Былыр сиргэ онно олоро сылдьыбыт киһи аатын биэрээччилэр. Оччотугар оннук ааттаах киһи олоро сылдьыбыт буолуохтааҕа. Биттики диэн ааттаах киһи Саха сирин норуоттарын номоҕор, олоҥхоҕо, архыыпка, былыргы биэрэпистэргэ, таҥара дьиэтин метрическэй кинигэлэригэр уонна да атын докумуоннарга суруллубутун көрө иликпин. Араас чинчийээччи, айанньыт бэлиэтээһиннэригэр эмиэ ахтыллыбатах. Арай бу тылга майгынныыр Бичиги диэн ааттаах Нам кинээһэ И. Галкин дьаһаах хомуйбут кинигэтигэр ахтыллар. Онон сылыктаатахха, Биттики диэн биһиги сайылыкпыт аата киһи аатыттан үөскээбэтэх, атын өйдөбүллээх тыл эбит.

Саха тылыгар «биттики» диэҥҥэ биир чугас олохтоох «бит» диэн тыл буолар. Тыл олоҕор даҕааһын хоһуйар сыһыарыытын -тики, -тыки, -дыҥы диэни тутуннахха бит-тики, ат-такы, балай-дыҥы диэн тыллар үөскүүллэр. Аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллар Гуманитарнай чинчийии института бэлэмнээбит «Сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар» киирбиттэр. Бу тылдьыкка аттакы уонна балайдыҥы диэн тыллары сыһыарыытын тыл олоҕуттан араарбакка эрэ бүтүннүү аҕалбыттар. Ааспыт үйэ саҥатыгар «скопцы» диэн секта дьонун Саха сиригэр көскө аҕала сылдьыбыттара. Олору сахалар аттакылар дииллэрэ үһү. Кинилэр Чурапчыга, Дьокуускай аттыгар Мархаҕа, Маҕаҥҥа олоро сылдьыбыттара. Маннык сыһыарыылаах тыл атын тыллар олохторугар туттулуннаҕына өйдөнөр. Холобур, үөр-дүҥү, кыыс-тыҥы, уол-луҥу. Арааһа, маннык сыһыарыы саха тылыттан умнуллан эрэр, былыргы түүрдүү сыһыарыы быһыылаах. Оччотугар Биттики диэн тыл биттээх диэн өйдөбүллээх курдук. Биттээх диэн өйдөбүлү кытта ситимнээн, олоххо чахчы буолбут икки түбэлтэни кэпсиим.

Маҥнайгы түбэлтэни аҕам Аржаков Николай Дмитриевич (Митээ Уола) кэпсээн турар. Аҕам оччолорго субан сүөһү бостууктара Попов Егор Сидорович (Уһун Дьөгүөр), Попов Егор Ильич (Дьөгүөр Ылдьыыс) буолан, Биттики сайылыкка саҥа титиик тута сылдьаллара. Дьиэҕэ киирэн күнүскүлэрин аһыы олорбуттар. Арай ол олордохторуна, дьиэ таһыгар оҕо-дьахтар ньамалаһар саҥалара иһиллибит. «Бай, туох элбэх дьоно кэллэхтэрэй?» диэн бары да соһуйбуттар. Тахсан көрбүттэрэ – ким да суох үһү. Саҥаны бары истибит буолан, наһаа дьиктиргээбиттэр. Нөҥүө күнүгэр бу сайылыкка оонньоон-көрүлээн улааппыт Хабырылла Толбонов улахан кыыһа Вера Ухаанньаҕа баар саһыл ферматыттан дьиэтигэр Хатылыга киирэн иһэн, Таатта үрэҕи туоруур далаһаны мүччү үктээн, ууга түһэн өлөн хаалар. Бэҕэһээ Биттикигэ тугу истибиттэрин санаан уонна Толбонова Вера өлбүтүн истэн баран, аҕам: «Ээ, ол да иһин куһаҕаны биттэнэн дойдута кэриппит буоллаҕа», – диэбитэ. Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 60-с сылларыгар буолбута.

Иккис түбэлтэни Аржаков Иван Николаевич кэргэнэ Аржакова Надежда Иосифовна-Нөнүөс кэпсээбитэ. Бу түбэлтэ сэрии кэмигэр буолбута үһү. Арай биир күн сайылыкка баар дьон бары истэн турдахтарына, хоту кууланан үөһээ диэкинэн тэлиэгэ кыычырҕааһына, ат кистээһинэ, ынах маҥырааһына, сайдааһын бөҕөтө буолан, арҕаа диэки көс дьонун саҥата, тыаһа-ууһа куугунаан бара турбут. Дьон онтон наһаа муодарҕаабыттар да, куттаммыттар да. Дьэ, сотору Чурапчы дьонун хоту көһөрүү саҕаламмыта. «Көр, оннук көһөрүү буоларын биттэнэн, кэритэн турар» диэн кэпсээбитэ сүүс сааһыгар арыычча тиийбэккэ күн сириттэн барбыт Нөнүөс кырдьаҕас.

Билигин өйдөөтөххө, урут дьоммут сайылыкпытын Биттики диэн ааттыыры буойаллара, «Эбэ диэҥ» дииллэрэ, айдаарары-хаһыытыыры эҥин сөбүлээбэт этилэр.

Иккис сабаҕалааһынынан, бу тыл төрдө атын, уларыйбыт былыргы түүр тыла буолуон сөп курдук.

Ити сабаҕалааһын сөбүн Аан дойдутааҕы Интэриниэт ситимин муҥура суох куйаарыттан соһуччу Саид Шахмурзаев диэн балкар поэта, норуотун былыргы историятын балачча үөрэппит киһи, «Балкарские горы» хоһоонуттан Биттики диэн аакка сыһыаннааҕы буллум. Ол хоһооҥҥо маннык этиллэр…

 
Мы находим следы на уступах гранитных,
Но не знаем имен тех родов первобытных.
Под Калою пройдем и осмотрим Биттики…
Чей когда-то царил тут уклад полудикий?
 
 
А другие твердят: в стародавнее время
Племя черных булгар поселилось в Чегеме.
Третий вторит, в ученом пылу утверждая,
Что балкарцы явились с предгорий Алтая.
Говорят, что, уйдя от нашествий монгольских,
Оказались балкарцы в народностях горских.
 
 
Мне б хотелось сквозь толщу столетий туманных
Разглядеть этих жителей гор первозданных.
Словно мысленным взором на миг представляя
Тюрк – татар, прискакавших сюда из Алтая,
Или гуннов степных, что явившись с востока,
Разделились на три разноликих потока.
Самый крупный поток в жажде подвигов дерзких
До цветущих долин докатился венгерских,
А другой – вдоль по Малке – реке продвигался,
Словно острый клинок, в сердце гор он врезался.
Третий – это кумыки. Они постоянно
Стали жить на террасах в горах Дагестана…
Тот поток, что по Малке пошел, здесь остался,
Из него вышли малки – малкарцы – балкарцы…
 

Бу хоһоонтон көстөрүнэн, Кавказ хайатыгар олорор балкардар уонна кумыктар төрүттэрэ син биир биһиги курдук – былыргы түүр омуктар. Кала диэн былыр түүрдэр кириэппэһи ааттыыллара. Хоһооҥҥо суруллубутунан, Калая диэн кириэппэс аннынан баран Биттикини көрүөхпүт диэбит. Ол кириэппэс суруктааҕа дуу эбэтэр онно баар Биттики диэн сиргэ былыргы руна суруга баара дуу? Баҕар, атын уруһуйдаах хайаны ахтыбыта буолуо. Мурат Аджи «Европа, тюрки, Великая степь» кинигэтигэр суруйарынан, Кавказка Дербенские ворота диэн Азияттан Европаҕа киирэр ааҥҥа былыргы үһүс үйэҕэ түүрдэр сэриилээн ылбыт кириэппэстэригэр иранныы, арабтыы суруктары тэҥҥэ түүрдүү руна суруктар бааллар эбит.

Интэриниэт ситимиттэн эмиэ түүр омуктан төрүттээх кумыктар форумнарыттан маннык суругу буллум:

«… когда я раскрыл свои биттики, я был в шоке. там различные пиктограммы – таблицы, звездочки, символы наряду с аятами и корана. Буквы в непонятной последовательности, даже не понятны арабу, с детства говорящему на арабском. Посмотрите свой битик если не верите …»

Бу форумҥа суруйалларынан, «биттики» диэн тыл кумыктар тылларыгар суруктаах амулет диэн өйдөбүллээх (амулет сахалыыта – ымыы диэни А.Е. Кулаковскай умнуллан эрэр тылларга киллэрбитэ).

Былыргы түүр тылын балайда ырытан, мэҥэ таастарга суруллан хаалбыт руна суруктарын ааҕар дьарыктаах А.К. Кривошапкин – Айыҥа [14] «Наследие предков» диэн кинигэтигэр «Бити – священное письмо» диэн суруллубут, учуонай-тюрколог уонна былыргы руна суругу ааҕыынан дьарыктаммыт Н.К. Антонов [5] үлэтигэр «Битиг – сурук-бичик» диэн быһаарыллар, онтон Былыргы түүр тылдьытыгар bitig, bitigi – сурук, суруйуу, суруктаах, суруктаах амулет диэн өйдөбүллээхтэр.

Бу үлэлэртэн көрдөххө, Айыҥа уонна Н.К. Антонов быһааралларынан, билиҥҥи «бичик» диэн саха тыла – былыргы түүрдүү «битиг» диэн тыл хас эмэ үйэҕэ уларыйан кэлбитэ. Онтон сылыктаатахха, «битиги» диэн тыл суруктаах амулет дуу, бэлиэ (тамга) дуу диэн өйдөбүл буолуон сөп. «Битиги» диэн тыл сир аатыгар бэриллэн, элбэхтэ туттуллан, кэлин уларыйан, ортотугар баар «т» диэн дорҕооно күүһүрдүтүллэн «Биттиги» диэн сир аатыгар кубулуйбута буолуо. Онтон бу сир аата Биттиги да, Биттики да диэн туттуллар. Холобур, 1955 с. тахсыбыт хаартаҕа бу алаас аата «Бэттиэгэ» диэн суруллубут. Бу сайылыкка Биттики диэн аата «суруктаах» да диэн өйдөбүлгэ эмиэ сөп түбэсиһэр курдук буолан тахсар. Ону былырыын булбут руна суруктаах биһилэхпит да көрдөрөр. Баҕар, манна рунанан сатаан суруйар киһи дуу, уус дуу олоро сылдьыбыта буолаарай?

Үөһээ ырытыыларбар олоҕуран, маннык түмүккэ кэллим: Биттики диэн алааспыт аата түҥ былыргыттан өбүгэлэрбит туттан кэлбит «бит» эбэтэр «бити» диэн тыл олоҕуттан үөскээбит ол эбэтэр «биттээх курдук» дуу, «суруктаах» дуу диэн өйдөбүллээх. Бу алааска Биттики диэн аата ити өйдөбүлгэ толору сөп түбэһэр. Ол да иһин, сүдү өбүгэлэрбит маны билэн, олус сөптөөх ааты бу алааска иҥэрбиттэрэ, уһун үйэлэр тухары умнуллубакка ааттана турдаҕа.

Ograniczenie wiekowe:
0+
Data wydania na Litres:
02 maja 2024
Objętość:
130 str. 1 ilustracja
ISBN:
978-5-7696-3771-1
Właściciel praw:
Айар
Audio
Średnia ocena 4,9 na podstawie 87 ocen
Tekst
Średnia ocena 4,9 na podstawie 339 ocen
Audio
Średnia ocena 4,5 na podstawie 240 ocen
Tekst, format audio dostępny
Średnia ocena 4,7 na podstawie 541 ocen
Tekst
Średnia ocena 4,3 na podstawie 290 ocen
Tekst, format audio dostępny
Średnia ocena 4,9 na podstawie 1936 ocen
Tekst, format audio dostępny
Średnia ocena 4,7 na podstawie 401 ocen