Czytaj książkę: «Эргиллиэм мохсоҕол буолан»
Аан тыл
Икки сыллааҕыта «Бичик» кинигэ кыһата «Билиҥҥи кэм прозата» серияҕа ааҕааччы үчүгэйдик билэр суруналыыһын Айталина Никифорова саҥа кинигэтин таһаарбыта. Ол ааптар төрдүс кинигэтэ этэ. Онно «Сырдык курус» сэһэни кытта «Харыйа», «Нонночка», «Дьол кустуга» диэн кэпсээннэр киирбиттэрэ. Оттон бу сырыыга кини «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» диэн саҥа сэһэнин уонна кэпсээннэрин хомуурунньугун бэчээттэтэн эрэр. «Сырдык куруһу» литератураны кэрэхсээччилэр хайаан да аахпыт уонна сөбүлээбит буолуохтаахтар дии саныыбын. Бу кинигэни ааҕааччы эмиэ ылыныаҕа диибин. Онуоха төрүөт элбэх. Иккиэннэрин холбуу тутан сыаналаатахха, маҥнайгытынан, тиэмэлэрэ сонун; иккиһинэн, ааптар айар ньымата ураты; үсүһүнэн, айымньылар тыллара-өстөрө хомоҕой; төрдүһүнэн, сэһэн киэбин толору тутуспут; бэсиһинэн, интернет үйэтинээҕи ааҕааччы интэриэһэ аахсыллыбыт. Итини арыый да тэниччи соҕус эттэххэ маннык.
Кинигэ тиэмэтин сонуна, мин санаабар, элбэх киһи өйүттэн-санаатыттан сууралла, сүтэ-иҥэ илик түгэннэр, быһыы-майгы, өй-санаа, тыл-өс сырдатыллыбытыгар буолар. Ааҕааччы хараҕар көстөн, кулгааҕар иһиллэн, сыта-сымара муннугар биллэн кэлэрин курдук суруллубут түһүмэхтэр элбэхтэр. Ол иһин киһи сонурҕаан ааҕар.
Ааптар айар ньымата кини идэтийбит суруналыыс быһыытынан өр кэм устата үлэлээбитинэн быһаарыллыан сөп. Чуолаан, суруналыыс кыраҕы хараҕа олох-дьаһах бытархайдарын таба көрөргө үөрэппитэ мэлдьэҕэ суох. Маны таһынан суруналыыс аҕыйах тылынан элбэҕи этэ үөрүйэҕэ эмиэ баар. Манна биири бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол – күннээҕи олох-дьаһах эйгэтигэр (жизненный мир) сыһыан уларыйыыта, итинтэн сиэттэрэн күннээҕи (повседневность) диэн өйдөбүл киириитэ. Бу киһини уонна уопсастыбаны үөрэтэр наукаҕа эрэ буолбакка, ити эйгэлэри уус-ураннык хоһуйууга кытта сыһыаннаах. Ол курдук, биллиилээх бөлүһүөктэр Вильгельм Дильтей, Эдмунд Гуссерль, Альфред Шюц үлэлэригэр «жизненный мир», «повседневность» диэн өйдөбүллэр ис хоһоонноро уонна кинилэр хайдах туһаныллыахтаахтарын туһунан элбэхтик этиллэн турар. Ити өйдөбүллэр киһини уонна уопсастыбаны үөрэтиигэ хото киирдилэр уонна күннээҕи олох-дьаһах философията (социологията, психологията) диэн ааттанар билии-көрүү салааларын үөскэттилэр. Уус-уран айымньыларга, ордук Арҕаа Европа дойдуларыгар, биирдиилээн дьон иэйиитин, күннээҕи олоҕун-дьаһаҕын хоһуйуу холобурдара элбэхтэр. Сэбиэскэй литератураҕа олох хойукка диэри уопсастыба уонна судаарыстыба интэриэһэ өрө тутуллара, биирдиилээн киһи күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа коммунизмы тутууну кытта ситимнээх эрэ буоллаҕына, уус-ураннык суруйуллуохтааҕын курдук санаа баһыйара. Уус-уран уобарас кылаассабай охсуһуу тула айыллыахтааҕа. Урукку кэмҥэ күннээҕини ойуулуур айымньы идиэйэ өттүнэн сиппэтэх-хоппотох аатырара. Дьиҥэр, суруйааччы маастарыстыбатын таһыма айымньытыгар бытархай көстүүгэ олох-дьаһах уустуктарын төһө сатабыллаахтык арыйбытынан быһаарыллар.
Кинигэ тылын-өһүн анал үөрэхтээхтэр сиһилии ырытан сыаналыахтара. Көннөрү ааҕааччы санаабар, ааҕыллымтыа тыллаах-өстөөх айымньы. Оҥоро сатаан ууһумсуйуу суох. Ол эрээри ааптар билиҥҥи кэм күннээҕи тылыгар-өһүгэр олус охтубатаҕа, сахалыы литература тылын киэбин кэспэтэҕэ хайҕабыллаах. Хомойуох иһин, сорох аныгы суруйааччылар айымньыларын тыла-өһө литератураҕа сыһыана суох буолан иһэрэ киһини хомотор. Бу өттүнэн Айталина Никифорова кинигэтэ эҥкилэ суох үчүгэй диибин.
Саха киһитэ, кэпсиир уонна сэһэргиир диэн туохтуур көрүҥнэрин араарар буолан, кэпсээн уонна сэһэн уратыларын үчүгэйдик өйдүүр. Сэһэн бэйэтэ ураты киэптээх, суруллар сокуоннардаах. Суруйааччы үлэтигэр ону тутуһар эрэ буоллаҕына айымньыта ааҕыллымтыа буолар. Саха биллиилээх суруйааччылара Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов, Николай Якутскай, Николай Габышев, Реас Кулаковскай, Николай Лугинов, Петр Аввакумов, Федот Захаров, онтон да атыттар бастыҥ сэһэннэрэ оннуктар. Сэһэн кэпсээнтэн кээмэйэ улаханынан эрэ уратыласпат, тутула уонна ис хоһоонун арыллыыта эмиэ ураты. Ол курдук, сэһэҥҥэ айымньы геройун дьылҕатын толору көрдөрөр курдук налыччы-хоточчу элбэх сылы хабан саас-сааһынан ойуулуура ирдэнэр.
Бу кинигэҕэ киирбит «Эргиллиэм мохсоҕол буолан» айымньы сэһэн буолара саарбаҕа суох. Биир бэйэм бу айымньыны сөбүлээбитим биир сүрүн төрүөтүнэн ити буолар диибин. Ис хоһоонун сиһилии сырдаппакка эрэ сэһэн бэлиэ түгэннэригэр ааҕааччы болҕомтотун туһаайыахпын баҕарабын. Сүрүн герой Трофим Трофимович Барахсаанап, омос көрүүгэ, аныгы кэм салалтата дуоһунас кирилиэһин дабайар суолун бигэтик үктээн иһээччилэриттэн биирдэстэрин курдук өйдөбүлү хаалларар. Кини төрөөбүт дойдутугар «сээн» дэппэккэ улаатан, оскуоланы нэһиилэ бүтэрдэр да, син үрдүк үөрэхтэнэн, ыал буолан, кэргэнин Дуся дойдутугар олохсуйар, үс оҕолонор, орто баайыылаах үлэһит кэккэтигэр киирэр. Демократия кэмигэр оскуолаҕа завхозтуу сылдьан нэһилиэк баһылыгын быыбарыгар кыайар. Баараҕадыйан, дуоһунастанан, үптэнэн-харчыланан баран, дойдутугар дьонун-сэргэтин билсэ таарыйа бэйэтин «көрдөрө» тиийэр. Итинник санаа үөскээбитэ бэйэтэ туһунан остуоруйалаах эбит. Сэһэҥҥэ ол сиһилии ырытыллар. Трофим эһэтэ Дьөгүөр Барахсаанап нэһилиэк сис баайа, кыаммакка-кырдьаҕаска сүрдээх аламаҕай, аччыгы аһатар, тоҥмуту хоннорор үтүө-мааны майгылаах киһи эбит. Өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ нэһилиэгэр оскуола туттарбыт. Сэбиэскэй былаас олохтоммутун кэннэ улахан дьиэтин сэбиэт хонтуората гыммыттар, баайын-дуолун төһө да көҥүл өттүнэн туран биэрбитин, дьоно-сэргэтэ көмүскэһэ сатаабытын үрдүнэн кулаактаан кэбиспиттэр. Аччыгый кыыһа Ааныс чиэски сиргэ оҕо дьиэтигэр утаарыллыбыт, уолун Трофимы (сэһэн геройун аҕатын), ыарыһах ийэтэ Бороскуо өлбүтүн кэннэ, урукку хамначчыттарын Огдооччуйа кыыһа, билиҥҥи интэринээт остуораһа Кэтириис көрөн-харайан атаҕар туруорар. Трофим тулаайах хаалбыт Маайыһы кытта оҕо эрдэхтэриттэн доҕордоһон, ситэн-хотон, улахан тапталынан холбоспуттар, элбэх оҕоломмуттар, уолларын Трофим диэн ааттаабыттар. Трофим Егорович сытыы-хотуу, туругас-олоругас, айар үлэҕэ дьоҕурдаах, киһи кэтэһэр ыччата буолан испит. Хомойуох иһин, кылаассабай өй-санаа күөнтэһиитин содулугар туоратыллан, үөҕүллэн-мөҕүллэн, олох очуругар оҕустаран, үтүөх-батаах сылдьан арыгыһыт буолан хаалар, кэлин тиһэҕэр тоҥон өлөр. Трофим Трофимович кулаактаммыт, норуот өстөөҕө аатыран ытыллыбыт киһи сиэнэ, буор иһээччи аҕа уола, ол содулугар кыаммат ыал оҕото буолан, үтүргэҥҥэ, сэнэбилгэ сылдьар, туох да дьоҕура-талаана суох, «туос ама киһи» аатырар. Кини бииргэ үөрэнэр кыыһын кэлтэйдии таптыыр. Ол кыыс аата Маша. Кылааһын бастыҥ уолугар Байбалга кэргэн тахсан, икки уол, икки кыыс оҕолонон быр бааччы олохтоох тыа ыала буолаллар. Маша СГУ-ну бүтэрэн Мария Даниловна диэн ааттанан учууталлаан, Байбал техника үлэһитэ, сопхуос эстибитин кэннэ, бааһынай хаһаайыстыбатын тэринэн айахтарын ииттэн олороллор. Трофим Трофимович оҕо эрдэҕинэ туоратыллыбытын, сэнэбилгэ сылдьыбытын, дойдутуттан тэйитиллибитин иэстэһэр санааттан оскуола мецената буоларга сөбүлэһэн аҕатын аатын оскуолаҕа иҥэттэрэ сатыыр. Оскуола салалтата утарсар. Дьолго эдьиийэ Анна Егоровна МГУ философияҕа факультетын бүтэрэн, диссертация көмүскээн учуонай буолан кэлэн научнай-чинчийэр институкка үлэлии сылдьан, аҕатын дьылҕатын истэн элбэхтик туруорсан, Егор Семенович Барахсаанап үтүө аатын тилиннэрэр. Дьонугар-сэргэтигэр өлбөөдүйбэт үтүөлээх саха саарынын аата төрүттээбит оскуолатыгар иҥэриллэр уонна киниэхэ пааматынньык туруоруллар. Барахсаанаптар ааттара үйэтитиллэр. Удьуор утума салҕанар. Кырдьык кыайар, сиэр силигилиир.
Сэһэҥҥэ үс көлүөнэ олоҕо сырдатыллар. Көлүөнэ аайы хас да киһи дьылҕата арыллар. Тэниттэххэ роман да суруллуон сөп оҥоробун. Оттон айымньы бу киэбин мин киинэҕэ аналлаах сэһэн (киноповесть) диэх этим. Ааһа баран, бэлэм киинэ сценарийыгар чугас. Сюжетын сайдыыта киинэлии. Сонун жанр. Билиҥҥи ааҕааччы ирдэбилигэр толору сөп түбэһэр.
Саха киһитэ удьуор утумун ытыктыыр, баардылыыр. «Төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата» диэн өйдөбүл баар. Ол дьайыытын Айталина Никифорова сэһэнэ үчүгэйдик көрдөрөр. Киһи барыта аанньа ахтыбатах Трофим Трофимовиһыттан дьоһуннаах киһи тахсар. Төһө да оҕо дьиэтин чэпчэкитэ суох усулуобуйатыгар улааппытын иһин, дойду бастыҥ үрдүк үөрэҕин кыһатын ситиһиилээхтик бүтэрэн учуонай буолбут Ааныс дьылҕата эмиэ ону кэрэһилиир.
Кэпсээннэри ыллахха маннык. «Баҕалаах олох күлүк өттө» диэн кэпсээҥҥэ 16 сыл учууталлаан, тус олох диэни билбэккэ сылдьыбыт Светлана Николаевна кэргэнэ хамнастаах үлэҕэ тахсан, кыаҕыран, туһунан дьиэ-уот туттан, нус-хас олорон эрэрэ ойууланар. Урут уопсай интэриэс иннигэр бэрт дуона суох хамнаска түүнүн-күнүн араарбакка үлэлээн уонна оҕолоро кыраларыгар кинилэргэ саба баттатан бэйэтин иннин көрүммэккэ сылдьыбыт буоллаҕына, билигин доруобуйатын, ис-тас көрүҥүн тупсарыынан күн бокуойа суох дьарыктанар. Ол быыһыгар кэргэнин аһын-таҥаһын бэрийэр. Баҕалаах олоҕо наһаа астыннарар, дуоһутар. Оннооҕор кэргэнэ Вадим көссүүлэммитигэр кыһаллыбат, төһө да абардар, хомойдор, кэлэйдэр, «баҕалаах олоҕун» алдьатыан баҕарбат. Олус чопчутук, кыраҕытык, бэргэнник суруллубут кэпсээн.
«Түүл» диэн кэпсээҥҥэ билиҥҥи кэмҥэ быыбар хас биирдии киһини, ыалы таарыйарын туһунан олус бэргэнник суруллубут. Сүөдэр оҕонньор сааһын тухары доҕордоһон кэлбит, ньуосканан-хамыйаҕынан бырахсан олорбут ыкса ыалын Аппанааһы биир үтүө сарсыарда дьиэтиттэн холдьоҕон таһаарар. Маныаха кини түүлүн буруйдуур. Ол эрэн ис дьиҥэр ыллахха, буолаары турар быыбар сүпсүлгэнэ ытык кырдьаҕастар үйэлээх доҕордоһуулара үрэллэр кутталын үөскэтэр.
Бүтэһик кэпсээн «Аҕам кута» диэн. Онно дойдутугар командировкаҕа айаннаан иһэр ааптары суол былаһын тухары биир мохсоҕол арыаллаабыта суруллар. Саха итэҕэлигэр көтөр киһи кутун бэлиэтэ. Онон ааптар эдэр сааһыгар күн сириттэн күрэммит аҕатын кута мохсоҕол буолан кинини араҥаччылыы-арчылыы сылдьарыгар бүк эрэнэр.
Билиниэх тустаахпын, мин урут-уруккуттан нууччалыы да, сахалыы да дьахтар суруйааччылар айымньыларан сөбүлээн ааҕабын. Билиҥҥи кэмҥэ прозаҕа дьахталлар тахсыылаахтык үлэлииллэр. Кинилэр кэккэлэригэр Айталина Никифорова бигэтик киирдэ. Бэйэ суолун-ииһин, тиэмэтин, кимиэхэ да маарыннаабат айар ньыманы, ураты буочары ахсаабакка көрдөнөрө киһини үөрдэр. Ити үчүгэй бэлиэ: ол аата саха литературата өссө биир ааҕыллымтыа айымньылардаах суруйааччынан эбиллиэх этэ.
В.Д. Михайлов,М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора
Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Трофим Трофимович Барахсаанап түүн ортото ким эрэ өттүккэ анньыбытыгар дылы соһуйан уһуктан кэллэ. Тымныы көлөһүн тахсыбыт, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлиир. Дууһатын туох эрэ ыарахан санаа сабардаабыт. Ол туох куһаҕан санаа буулаабытын бу диэн өйдөөбөккө дөйүөрэн сытта. Онтон эмискэ муустаах уунан саба ыстарбыт курдук оронугар олоро биэрдэ. Ойоҕоһугар сытар эмээхсинэ, сөбүлээминэ түүлүн быыһыгар тугу эрэ үөхсэн ботугураан баран, истиэнэ диэки хайыста. Бу алдьархайы! Бэҕэһээ үлэтин кэнниттэн оруобуна 7 чааска тахсан истэҕинэ, тойоно киирэн иһэр эбит. Трофим Трофимович чиккэс гына түһэн баран: «Здрасьте-е!» – диэбитэ. Ону тойоно тоҕо эрэ иэдэс биэрэн кэбиспитэ. Эппиэттээбэтэҕэ. Трофим Трофимович тута тоҕо эрэ дьыалайдаабатаҕа. Аччыктаан, дьиэтин эрэ булар санаалааҕа. Эргэ «Волга» массыынатыгар олороот: «Бардыбыт!» – диэн суоппарыгар үөгүлээбитэ да, дьиэтигэр ойдорбута.
– Хайа, аһыҥ бэлэм дуо?! – аантан ордоотообутунан киирээт, бачыыҥкатын устан элиппитэ.
Хоһугар сүүрэн киирээт, бинсээгин устан ороҥҥо быраҕаат, бааннаҕа киирэн илиитин сууммута. Онтон куукунатыгар киирэн олоппоһун була охсубута. Дусята эттээх хортуоппуй буһаран тоһуйбут. Улаханнык аччыктаабыт киһилии тэриэлкэлээх соркуойун сиэн бүтэрэн баран саҥата суох иккиһин ууммута. Улахан чааскытыттан үүттээх хойуу чэйин иһэн сыпсырыйбыта, дьэ хараҕа сырдаан, төбөтүн өндөппүтэ.
– Били уол ханнаный? Дьонун кытта аһаабат дуо бу?
– Компьютерга олорор, хоһугар аһылыгын илдьэн биэрбитим. Олордун, – хаһаайка холку.
– Эн уолгун буорту да гыммыккын! Туох да туһата суох, компьютерга умса түһэн баран олорор! Уруогун эҥин аахпыта дуо?!
– Ааҕан-ааҕан. Репетиторын кытта дьарыктанна ахан. Сылайдаҕа, оонньоон көрдүн. Оттон эйиэхэ туох баар?
– Уһун күнү быһа таах олорор дьахтар үлэ туһунан ыйыппыта буолаҕын дуу? Үлэм олус элбэх, үрүт-үөһэ кумааҕы түһэн кэлэ турар, онно эппиэттииргэ күн-дьыл баранар. Барыта кэмэ тахсаары ыксал докумуоннар, ону оҥорон сорох киһи остуолуттан да турбат. Чунуобунньуктар тугу да гымматтар, быһаарбаттар, кэлтэй кумааҕыны сыымайдыы олороллор диэн үөҕээччилэри бу мин дуоһунаспар умса анньыбыт киһи, билиэхтэр этэ! Ол мин оҥорбут отчуоттарым суохтара буоллар, хантан үлэлээбит аатырыахтар этэй? Буолаары буолан, Москубаҕа. Мин үлэм Москубаҕа отчуоттанар эбээт! – Трофим Трофимович мэктиэтигэр остуолтан туран хаамыталаан ылла.
– Трофим, ити эн үлэлээбэккэ олороҕун дииргиттэн олус хомойобун. Бэйэҥ олор диэбитиҥ буолбат дуо?
– Олорбоккоҕун! Сымыйанан лабораторияҕа баран үлэлээбитэ буолуохтааҕар уолгун көрбүтүҥ, дьиэҕин-уоккун туппутуҥ сөп. Хамнаһыҥ да сыыһа диэхтээн. Билигин пенсиялааххын, олор, – Трофим Трофимович аһылыгын амтанын дьэ билэн, ыксаабакка ыстаан ыллаҥната-ыллаҥната, өйдөөҕүмсүйдэ.
– Оттон сөп диэн олордоҕум. Аны онон сирэй-харах анньыма диэн этэбин. Бу өрүү бэлэм эбиэккэ, киэһээҥҥи аһылыкка кэлэриҥ бэрт буолбат дуо?
– Олорор дьахтар бэлэм кэлбит аһы астаамынаҕын! Аны онон өттөйөөрү гыммыт дуу? Ким этэй, булдай? Мин баар буоламмын, бэлэмҥэ тараҥнаан эрдэххит!
– Сөп, түксү! Эмиэ сөбүлүүр ырыатын холбоото, ыал аҕата ааттаах киһи булумунаҕын оттон!
– Бу да дьахтар! Киһи аһыан да баҕарбат! – Трофим Трофимович, икки-үс тоорохой хортуоппуй хаалбыт тэриэлкэтин киэр илгэн, остуолтан туран саала диэки ыадаҥнаата.
Дуся оҕонньоро бырдааттанарыгар үөрэнэн хаалан наадыйбат бэйэтэ бүгүн тоҕо эрэ улаханнык кыйаханна. «Киэбирэн да биэрэр! Үрдүк сололоохтор үлэлиир тэрилтэлэригэр киириэҕиттэн бэйэтэ да киһиргэс киһи майгыта олох алдьанна. Тойотторун үтүктэр дьүһүнэ эбитэ дуу? Эс, кини сирэй тойоно хаһыаттан аахтахха, араадьыйаттан иһиттэххэ бэрт ырааҕы көрөр өйдөөх, киэҥ көҕүстээх киһи курдукка дылы ээ. Эбэтэр үлэтигэр хомуруйуллубутун манна кэлэн таһаарара дуу?»
* * *
Трофим уонна Дуся балыыһаҕа билсибиттэрэ. Кыыс Алданнааҕы медицинскэй колледжы бүтэрэн баран дойдутугар балыыһаҕа үлэлии сырыттаҕына, Трофим балыктыы сылдьан улаханнык сэбиргэхтэтэн балыыһаҕа киирбитэ. Кини орто үөрэҕи бүтэрэн учууталынан үлэлии кэлбит эдэр киһи этэ. Сырдык сэбэрэлээх, туртас курдук көнө уһун уҥуохтаах кыыһы уол тута сөбүлээбитэ. Үтүөрэн да баран балыыһаттан арахпакка кыыһы кытаанахтык буулаабыта. Дуся даҕаны уолу сирбэтэҕэ, маннааҕылар курдук арыгылаабат, охсуспат, таҥаһа-саба куруук ыраас буолар. Быһата, эдэрдэр түргэнник сүбэлэрин холбообуттара. Элбэх оҕолоох, аҥаардас ийэлээх Дуся кыыс улахан сыбаайбаны эрэйбэтэҕэ, дьиэлэригэр биэчэрдээбиттэрэ. Онон бүппүтэ. Барахсаанаптар маҥнай утаа ийэлэрин кытта олорон баран, оскуола уопсайыгар хос ылбыттара. Доруобуйам мөлтөх, сынньалаҥ соҕус үлэ буолуо диэн, Трофим Трофимович оскуолаҕа хаһаайыстыбаннай чаас салайааччытынан үлэлии киирбитэ. Кини бу дойдуга тэһийиэ суох курдук буолан истэҕинэ, баһылыктаа диэн этии киллэрэннэр, санаата тохтообута. Кэтэхтэн судаарыстыбаннай, муниципальнай салайыы үөрэҕин бүтэрбитэ. Бэрт сатабыллаахтык баһылыктаан барбыта. Аҕыйах ыйынан атын Трофим Трофимович буола түспүтэ. Дьарамай бэйэтэ тута доруоһалаах тиэстэ курдук үллэн барбыта, хаамардыын, көрөрдүүн-истэрдиин кытта уларыйбыта. Урут дьону көрүстэҕинэ хап-сабар дорооболоһор, харахтарын көрдүүр бэйэтэ, билигин уҥуоҕум кыра диэбэт, үөһэттэн аллара тымныы баҕайытык көрөр буолбут. Кыракый нэһилиэккэ баҕас муҥур тойон буолан талбытынан дьаһайар. Манна кинилиин аахсар да киһи суох. «Трофим Трофимович дуо?» дэттэрэн күнэ тахса ахан сылдьар. «Маннык тойон хаан буола сылдьарбын төрөөбүт дойдубар көрөллөрө буоллар, төһө эрэ соһуйаллар. Сорох-сорохторго баҕас ис дьиҥмин көрдөрүөм этэ! Ордук Хабырыл, Һааска, Бааска, Байбал биллэллэр ханнык. Киэбирбиттэрэ тохтуо этэ. Билигин кинилэр кимнээхтэрий? Оскуолаҕа кинилэр эрэ сулустар этэ. Тустууктар, үчүгэй үөрэхтээхтэр, өрүү кинилэр эрэ туохха барытыгар хамандыыр буолаллара. Учууталбыт Маргарита Васильевна кинилэри тараҥнатан биэрэрэ. Ол бэйэлэрэ билигин туох дьон буоллулар? Ким да бу мин курдук тойон буолбата. Кыраһыабай, спортсмен уолаттары сырсан биэрбит кыргыттар билигин бу миигин, Тэрэппиини, көрөллөрө буоллар ньии…» Трофим Трофимович мэктиэтигэр хараҕын быһа симтэ. Хараҕар маҥнайгы таптала Маша көстөн кэллэ. Чоҕулуччу көрбүт хап-хара арылхай харахтаах, уһун хара суһуохтаах, көнө быһыылаах-таһаалаах, кинини дьиибэлээн күллэҕинэ үрүҥ тиистэрэ кэчигирээн көстөр кэрэ бэйэлээх кыыһы эр киһи долгуйа санаата.
Машата билигин үөрэммит оскуолатыгар учууталлыы сылдьарын истэр. Оскуола кэнниттэн тута бииргэ үөрэммит Байбалыгар эргэ барбыта. Байбал аармыйаттан кэлэн баран үөрэммэккэ, сүөһү көрө сылдьар сурахтаах. Кыыс педколледжы бүтэрэн баран алын кылаастарга үлэлиир үһү. Хата, ыалыҥ оҕо-уруу буолан тэнийбиттэр. Сакаастаабыт курдук икки уол, икки кыыс оҕолоохтор дииллэр. Байбал сопхуос сүөһүтүн көрө сылдьан, бутуурдаах 90-с сылларга үлэтэ суох хаалан, улаханнык тэмтэрийэ сылдьыбыт. Маша барахсан дьиэтин, оҕолорун бэйэтэ өрө тардан олороохтообут. Байбал саҥа дьиэ да туттубута биллибэт. Саах сыбахтаах хотонуттан өнүйээхтээбэтэх «оскуолаларын звездата». «Оттон мин…» диэн баран, дохсун санаата батарбакка, Трофим ойон турда. «Бэйи, быйыл саас баран кэлиллиэ. Өссө аатырар курдук, оскуолаҕа аҕыйах оҕоҕо бэйэм ааппынан стипендия олохтуурум дуу… Эс, ол эрэн, өлбүт киһиэхэ дылы. Арай, аҕам аатынан буоллаҕына? Төһө да дэриэбинэтигэр «улуу иһээччи» аатырдар, аҕам эрэйдээх үйэтин тухары оскуолаҕа хачыгаардаабыта. Кырдьык, Барахсаанап Трофим Егорович аатынан стипендияны биир-икки оҕоҕо олохтуур эбиппин. Ол сыл түмүгэр аҕыйах тыһыынчаны биэрдэххэ, моҥкуруут барбатым чуолкай. Ол оннугар аатым-суолум сыттаҕа. Үөрэммит оскуолатын мецената – Трофим Трофимович Барахсаанап. Төһө бэрдий?» Бэртээхэй санаа көтөн түспүтүттэн үөрэн, Трофим Трофимович мэктиэтигэр өрө эккирээн ылла. Өйө бөҕө! Учууталлара наар кини акаарытыттан иҥнэн биэрэллэрэ! «Ордук математика учуутала Валентина Гаврильевна сордуура. Чиэппэр аайы иккинэн ыытан хара сорбун көрбүтэ. Сыл түмүгэр, ханна барыай, син токур үһү туруорбут буолара. Оттон химия учуутала Альбина Михайловна хайдах этэй?! Кини химията билигин миэхэ даарым да наадата суох! Чэ, билигин миигинэн, нэһилиэк баһылыга буола үүммүт үөрэнээччилэринэн, төһө эрэ киэн тутталлар этэ…»
* * *
Мария Даниловна дьиэтин киэһэ хойут булар. Быйыл бэйэтин алын кылаастарын кытта тохсустарга кылаас салайааччытынан анааннар, күн солото суох барда.
«Биһиги оҕолорбут ахсааннарын бэйэҥ билэҕин, маҥнайгы кылааска баара-суоҕа 8 үөрэнээччилэнниҥ. Хамнаһыҥ төһө буоларын сэрэйэн эрдэҕиҥ. Ол иһин эйиэхэ эбии чаас ааҕаары тохсус кылаастары биэрээри гынабын, таарыйа историяны уонна обществознаниены ылыаххын сөп, оччоҕуна эрэ толору чааска тахсар кыахтааххын», – диэн оскуола директорынан үлэлээбитэ ырааппыт, өссө Мариялааҕы үөрэппит кырдьаҕас учуутал Иван Петрович бу күһүн үөрэх саҕаланыыта этии киллэрбитэ. Барахсан кини балаһыанньатын өйдүүр буолан, ити өйүү сатыыр. Мария Даниловна итиччэ этииттэн аккаастаныа баара дуо. Икки кырата оскуолаҕа үөрэнэллэр, улахан кыыс – устудьуон, уоллара – ыал аҕата, дойдутуттан тэйбэккэ, суоппардыыр. Кыыстара төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онон сыл аайы сүөһүлэрин үөрэххэ толук уурарга тиийэллэр. Бу тыа сиригэр абырыыллара эрэ, кырдьыга даҕаны, сүөһүлэрэ. Байбала бааһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлии сатыыр да, соччо өнүйбэттэр, сайын ыам эрэ кэмигэр уу харчылана түһэллэр, кыһын эт атыылаатахтарына үссэнэллэр.
«Үйэм тухары сүөһүгэ хамначчыттаан биэрдим да, уһун сонноммотубут. Айахпытыгар эрэ сордонобут. Сайын үтүөтүн билбэккэ, оттоо да оттоо, кыһын буоллаҕына тымныы, сииктээх хотонтон тахсыбаппын! Инчэҕэй эттээх киһи сылайан-элэйэн да бүттүм! Айака, сүөһүнү эһэн кэбиһиэххэ! Сибилигин тахсан барыларын сүүскэ биэриэм!» – Байбал итирдэ да, харбыт пластинка курдук этэр этиитэ ити. Сарсыҥҥытыгар өйдөнөн, бөлүүн тугу тылласпытын өйдөөбөт курдук туттан, үөрүйэхтик хотонугар тахсыбыта эрэ баар буолар.
Мария Даниловна кэргэниттэн сонньуйар даҕаны, аһынар даҕаны. Олох үтүөтүн билбэккэ, эдэр сааһыттан хотоҥҥо үлэлээн тахсар. 49 сааһыгар кэргэнэ сааһырбыт баҕайы көрүҥнээх, сынньалаҥ үлэҕэ сылдьар кини саастыылаахтарыттан быдан аҕа курдук көстөр. Кыһын тымныыга уҥуохтара ыалдьаллар, бокоорон хаалан, сарсыарда нэһиилэ турар. Балыыһа диэҥҥэ үктэниэ дуо, суох. Быыс-хайаҕас көһүннэ даҕаны, кинини соҕуруунан-хотунан сынньата ыыта сатыыр. «Баран сайдыылаах дойдуну көрөн-истэн кэл, эн сырыттаххына бэйэм баран кэлбит курдук сананыам», – диэхтиир. Онон Мария оҕолору илдьэ, кырдьык, элбэхтик кыраныысса таһыгар бара сырытта. «Мариям Африкаҕа уонна Америкаҕа эрэ сылдьа илик. Аны ити икки дойдуга баран кэлэрэ буоллар, хайа, аан дойдуну бүтүннүү тилийэ көтөр дии!» – Байбал дьоҥҥо сөбүлээн кэпсиирэ ити, бэл, сирэйдиин-харахтыын сырдыы түһэр.
Мария Даниловна эбиэттэн киэһэ үрдүкү кылаастарга уруогун биэрээри оскуолаҕа кэллэ. Урут хаһан да биэрбэтэх предметин ыарырҕаттар даҕаны, кыһалҕаттан чаас биэрэр. Бэйэтэ оҕо курдук библиотекаттан тахсыбат буолла, түүнү быһа конспект сурунар. Хата, историяны билэн, хараҕа арыллыбыкка дылы буолла. «Туох барыта син биир туһалааҕынан эргийэр, учуутал ааттаахпын да, оскуола программатын да билбэт эбиппин» дии саныы иһэн, эмискэ киһиэхэ кэтиллэ түстэ.
– Маша, эн дуо? Хайа, миигин билбэтиҥ дуо? Трофиммын дии!
– Уой, Трофим, билбэтим. Көрбөтөх да ырааппыт, уларыйан хаалбыккын, – Мария Даниловна ис киирбэхтик мичээрдээн ылла.
– Дьэ бу төрөөбүт-үөскээбит дойдубар кэлэ сылдьабын, оскуолабар меценат буолар былааннаахпын.
Трофим Трофимович хас эппит тылын дорҕооно бэйэтигэр ураты суолталаахтык иһилиннэ, мэктиэтигэр түөһүн мөтөттө.
– Тыый, олус хайҕалаах дии! Эн билигин тугунан дьарыктанаҕын? Оскуолаҕа завхозтуур диэбиттэрин истибитим…
– Суох! – киһитэ өһүргэнэн куолаһа бөтүүктээн ылла. – Мин нэһилиэк баһылыгынан үлэлиибин. Олохтоохтор туруорсан, куоластааннар, баһылыктыы сылдьабын. Ол иһин бу төрөөбүт дойдубар көмөлөһөр санааҕа кэллэҕим, – дии-дии, Трофим Трофимович улахан-улаханнык көрөн ылла.
– Баһылык буолбуккун бу саҥа иһиттим. Бэрт дии! Ол аата дьон эйиэхэ эрэнэн таллахтара. Чэ, кэл, барыах, директорга атааран биэриэм, – Мария Даниловна кырдьык да тойон хаан кэлэн турар дии санаан, киһи иннигэр илим-салым түстэ.
Ону эрэ күүтэн турбут киһи кыра бэйэтэ үрдээбиккэ дылы буолан, тот хаас курдук туттан дьахтары батыста.
– Оскуолабыт эрэйдээх олох уруккутунан тураахтыыр эбит. Саҥа оскуола тутуутун эҥин бу нэһилиэк баһылыга туруорсубат дуу, тугуй?
– Туруорсан-туруорсан! Хас сыл буолла сурук, көрдөһүү суруллубута. Сыл аайы инвестиция бюджетыгар киллэриэх буолаллар. Былырыын ыаллыы сытар нэһилиэккэ оскуола киирбитэ, ол иһин биһиги эмиэ тэбилиннибит быһыылаах.
– Ол аата сатаан туруорсубат буоллаххыт! Кэпсэтиитин сатыахха наада. Улахан тойоттор маастарын табар диэн бэйэтэ сатабыл. Баһылыккыт көлөөк киһи буоллаҕа.
– Тыый, баһылыкпытын эн бэркэ билэр киһиҥ, сэбиэскэй саҕаттан былааска үлэлиир уопуттаах киһи, республикаҕа тиийэ ытыктанар, тарбахха баттанар салайааччы.
– Ол Павлов оҕонньор билигин даҕаны олорор дуо? Ол да иһин сайдыы суох.
– Эс, Трофим, наһаа быһа-бааччы тылласпат буоллаҕыҥ. Дойдуҥ дии. Атыттартан тугунан да хаалсыбаппыт. Николай Андреевич, хата, дьонун-сэргэтин билэрэ бэрт буолан, хайа сатанарынан көмө-тирэх буола сатыыр. Ол да иһин кинини нэһилиэнньэ сынньаппат, көрдөһөн туран хаалларбыппыт. Бэйэтэ да тохтуон баҕарбыта ыраатта. Дьон ытыктабылын бүтүн олоҕунан ылыан ылбыт киһи диэн кини баар.
– Билигин атын кэм. Эдэрдэр тахсыахтаахтар! Оҕонньоттор суолу биэрбэккэ олороллор. Директоргыт эмиэ били Иван Петрович оҕонньор дуу? – Трофим Трофимович эҕэлээхтик саҥарда.
– Трофим, майгыҥ олох уларыйбатах. Дойдубар көмөлөһө кэллим диигин да, тылыҥ-өһүҥ тоҕо толооһой, – Мария Даниловна куолаһа кытаатта, кыыс эрдээҥҥитин курдук кынчарыйан ылла.
– Чэ-чэ, сөп. Оонньоон этэбин ээ! Хата бу директорскайга кэллибит. Уйбаан Бөтүрүөбүс, дорообо! Биллиҥ дуо?
Илиитин ууммутунан остуолга кумааҕыларга умса түһэн олорор киһиэхэ супту хааман кэллэ.
– Барахсаанапкын, быһыыта.
– Сөҕөбүн эрэ! Оскуолаҕа хас оҕо үөрэнэн ааспыта буолуой да, Иван Петрович барыбытын эндэппэккэ билэр, дьэ өй диэтэҕиҥ! Мин наадалаах кэлэн олоробун.
– Иван Петрович, мин барыым. Уруогум саҕаланара буолла, – Мария Даниловна аан диэки барда.
– Сөп-сөп. Трофим Трофимович биһикки кэпсэтэ түһүөхпүт.
– Иван Петрович, мин билигин баһылыкпын. Нэһилиэнньэ талан, хайыамый, үлэлии сылдьабын.
– Хата диэ! Соһуттуҥ-соһуттуҥ. Дьон оннук итэҕэйэн талбыт буоллахтарына, дууһаҕын биэрэн туран үлэлиэххин наада. Баһылык диэн норуот киһитэ буолуохтаах. Оҕо буоллун, оҕонньор буоллун интэриэстэрин билиэхтээххин, көмө-тирэх буолуохтааххын. Олус ыарахан, эппиэттинэстээх үлэ…
– Билэбин-билэбин. Биһиги диэки тиийиммэт-түгэммэт элбэх, бары аҕал дии сылдьар дьон. Ол да буоллар, киһи үлэлиир үлэтэ, – Трофим Трофимович, учуутала оҕону үөрэтэр курдук саҥаран барбытыгар абатыйа санаан, быһа-бааччы этэ сатаата. – Мин манна меценат буолар санаалаах кэлэн олоробун. Үчүгэй үөрэхтээх икки хас оҕоҕо стипендия аныам этэ.
– Үчүгэй дьыала! Биһиги выпускниктарбыт ити курдук быһаарыналларын өйүүбүт эрэ. Бэйи эрэ, ол ким аатынан стипендия олохтоору гынаҕыный?
– Толкуйдаан баран, аҕам аатын үйэтитээри гынабын.
– Аҕаҥ Трофимы этэҕин дуо? Ким билэр, доҕор… Маны мин бэйэм быһаарбаппын, нэһилиэк общественноһын кытта сүбэлэһиэхпин наада. Быһаарыныыҥ үчүгэй буолан баран…
– Буолан баран, тугуй? Боростуой оробуочай этэ диэн этэҕин дуо? Оттон үйэтин тухары оскуола оһоҕун оттубутун умуннугут дуо?
– Бэйи эрэ, эн аҕаҕын боростуой оробуочай диэн эппэппин ээ. Хайдах-туох олорбуккутун умуннуҥ дуо? Тэрэппиин, кырдьык, арыгылаабата буоллар, ааттаах үлэһит киһи этэ буоллаҕа, кэлин арыгылаан хас да төгүл оскуоланы тоҥорон, аҕыс айдааны таһаарбыта, оскуола уопсайа кытта тоҥон кыра оҕолоох учууталлар ыалынан олоро сылдьыбыттара. Оннук халы-мааргы быһыы умнуллубат, доҕор. Арыгыһытынан аатырбыт киһи аатынан туйгун үөрэнээччилэргэ стипендия олохтуур диэн сыыһа дьаһал буолуо дии саныыбын. Онон, бырастыы гын, Трофим, кыаллыбат суол.
– Өйдөннө, киһини итинник сэниир эбиккит. Өссө мин эһиэхэ үчүгэй санаалаах, көмөлөһөөрү кэлбитим, былыргыны умнубат, нэгэй дьон эбиккит… Мин билигин улахан киһибин, хачыгаар, арыгыһыт оҕото буолбатахпын, баһылыкпын! Миэхэ тиийэ үүммүт ким баарый? Дьэ, ити буоллаҕына, мин ааппын өссө да истиэххит! – диэн баран Трофим Трофимович директор хоһун аанын сүр эрчимнээхтик быраҕан тахсан барда, кэнниттэн эргэ оскуола оппуохата саккыраата.
– Оо дьэ, Тэрэппиин муҥнаах уларыйаахтабатах. Хайдах ити бэйэтэ да өйдөөбөтө буолла? – Иван Петрович, бэркиһээн, баһын быһа илгиһиннэ.
* * *
Мария Даниловна үлэтин кэнниттэн ыксаан дьиэтигэр сүүрүү быластаан кэллэ. Оһоҕун оттон, киэһээҥҥи аһын өрүөн наада. Байбал дьахтар уонна эр киһи үлэтэ диэн чуолкай арааран, дьиэҕэ да баар буоллаҕына, күөс өрбөт. Бу да сырыыга дьыбааҥҥа тыыла тэбинэн, кинигэ ааҕа сытар.
– Байбал, сонуннаах кэллим! – Мария, аанын боруогун атыллаат, сонунун кэпсии охсоору саҥа аллайда. Кини хобу-сиби таһар кэмэлдьитэ суох да, бу сырыыга Тэрэппиинтэн соһуйбута бэрт буолан санаатын үллэстэ охсоору ыксаата. – Тэрэппиин кэлбит! Өссө тош курдук тойон буолбут!
– Ханнык Тэрэппиин?
– Барахсаанап Тэрэппиин «баһылык буоллум, оскуолабар көмөлөһөөрү кэллим» диир. Киһи уларыйар да буолар эбит! Билбэтим ээ өссө кинини.
– Ол оннук айылаах тупсубут дуо? – Байбал эҕэлээхтик саҥарда.
– Тупсубут диэтим дуо? Хайдах эрэ көрөрдүүн-истэрдиин атын, мэктиэтигэр уҥуоҕунан үрдээбиккэ дылы. Сүрдээх дуоспуруннаах.
– Хата, киниэхэ, тойон буолбут диэн, ымсыырдыҥ дуо? Эйигин эккирэтэн муҥнаммытын өйдүүбүн ээ, – Байбал, кинигэтин ууран баран, дьыбааҥҥа олордо, кэргэнин диэки үөннээхтик көрөн ылла.
– Бүт эрэ! Былыргыны баран, эттэҕиҥ. Күнүүлээбит да киһиҥ баар. Тэрэппиини урут киһинэн да аахпат этигит дии. Эрэйдээҕи атаҕастаан да биэрэргит. Арыгыһыт эрэ оҕото диэн.
– Аҕата Тэрэппиин дьэ, кырдьык, улуу иһээччи этэ. Оскуола иннигэр, маҕаһыыҥҥа охто сытара харахпар бу баар. Сордоох ыт курдук өлбүтэ. Таһырдьа өлөн баран сытарын булбуттара дии, итирик буолуо диэн ким да күн устата наадыйбатах этэ. Алта оҕотун тухары биир да киһи көрдөөбөтөх бэйэлэрэ дуу. Төһөтүн да иһин, хааннара, төрөппүт аҕалара буоллаҕа.
– Диэмэ даҕаны. Ийэлэрин Маайыһы аһынар да этим. Наар балыыһаҕа остуорастаабыта, оҕолорун улаатыннаран киһи-хара гыммыта. Кыргыттар бары үрдүк үөрэхтэннилэр. Кими батан, үөрэхтэригэр итиччэ кыахтаахтара буолла. Бу биһиэнин курдук төлөбүрдээххэ үөрэниэхтэрэ дуо, хайа харчыларынан, бэйэлэрэ дьиҥ кыахтарынан ааһан иһэн үөрэҕи баһылыыллар. Ити Тэрэппиини көр, улахан киһи буола үүммүт.
– «Улахан киһи» ийэтин да харайсыбатаҕа. Эн буоллаҕына, тойон буолбут дии-дии, бүтүн бырааһынньык тэрийиэх курдуккун!
– Бүт эрэ! Киһи атаҕар турбута туох куһаҕаннааҕый! Наар аһынар этим, хата, син киһи буолбут диэн үөрдүм. Бээ эрэ, кыргыттарга эрийэ охсуохха.
– Маша, бүгүн киэһэ Тэрэппиинтэн сылтаан биһиги аһаабат ыал буоллубут дуо?
– Наар эн аһыҥ айдаана! Чэ, аһаан да баран кэпсэтиэҕим.
– Хата, ити ыал ийэтин тыла. Мин даҕаны уолаттарга кэпсээн күллэртиэҕим.
– Эһиги наһаа күлүү гынымаҥ эрэ. Киһи тахсыбытыгар үөрүөх эрэ тустаахпыт. Биһиги кылаастан баһылык буолбут ким баарый? Суох! Байбал, хата, Тэрэппиин кэлбитинэн кылааһынан көрсүһүү тэрийиэх баара.
– Бу дьахтар даҕаны тылын! Улахан сах Тэрэппиин кэлбит эбит. Бааскалаах Һааска, арай, элэктээри, бэлэстэринэн күлээри көрсүөх дииллэрэ буолуо.
– Наһаалаамаҥ эрэ! Киһини күлүү-элэк гынар сэттээх буолуо. Тэрэппиининэн оонньоомоҥ, онтуккут билигин атын киһи.
– Ханна көрсөөрү гынаҕын?
– Ханна буолуой, биһиэхэ ини. Атын көрсөн олорор сирбит суох буоллаҕа.
– Тэрэппини көрөн наһаа да үөрбүккүн, дьиэҕин да туран биэриэх курдуккун дуу?
– Байбал, наар биһиэхэ көрсөбүт буолбат дуо? Кыргыттар бары тугу эмэ астаан аҕалыахтара дии.
– Чуумпу олохпутун аймаан эрдэҕин көр…
* * *
Маайыс кэргэнэ маатыра-куутура буолан кэлэрин истэ сытта. Тэрэппиинэ култаҕар бытыылката суох сатаммат буолбута ыраатта даҕаны, кини идэтинэн киһитэ хаһан кэлиэр диэри кыайан утуйбат. Бу да сырыыга эрдэ сыппыта да, ханна баарый, утуйбата. Туох аньыытын-харатын иһин, бу маннык сордоох олоххо тиксибитэ буолла?! Дьахтар абатыйан, бэйэтин аһынан эмиэ ытаан хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ. Күнүс дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолоругар ыар санаатын биллэрбэт буола сатыыр бэйэтэ түүн баҕас киниэнэ. Хараҥа балай түүн уонна ый кини ытыырын-соҥуурун, ыарахан санаатын, дууһатын хара батталын, дьылҕатыгар абатыйыытын билэн эрдэхтэрэ. Кини хара соро – кэргэнэ. Оттон хаһан эрэ кинилэр даҕаны эдэр буола сылдьан, сөбүлэһэн холбоспуттара, ийэ-аҕа буолар дьолу элбэхтик тэҥҥэ үллэстибиттэрэ. Алта оҕоҕо биһик ыйаатахтара. Тэрэппиин эдэр сылдьан букатын атын киһи этэ. Ити амырыын сыттаах, арыгыттан, салгынтан боруоран көстөр хара киһи буолуо баара дуо. Суох. Сэрии тулаайахтара интернакка олорон үөрэмиттэрэ, улааппыттара. Тэрэппиин Маайыстан икки сыл аҕа. Кыыс кыра сааһыттан саһархай харахтаах, сырдык хойуу баттахтаах, маҥан эттээх-сииннээх уолу көрө үөрэммитэ. Кини өйдүүрүнэн интернаттарын оһоҕун өрүү Тэрэппиин отторо, сотору-сотору мас хайытара, саһаанныыра. Туруу үлэһит уол этэ. Кыыс киниэхэ хайдах эрэ ураты сыһыаннааҕын сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Тулаайах кыысчаан уолу дурда-хахха буолар убайын курдук ылынара. Оннук даҕаны этэ. Тэрэппиин кыра уҥуохтаах, дьарамай бэйэлээх кыыһы аһына, харыстыы саныыра. Хаһааҥҥыттан ити бүөм санаа тиллибитин билбэт. Арааһа, кыысчааны көрөөт аһыммыта. Остолобуойга Маайыска элбэх аһылыгы куттара сатыыра, сороҕор бэйэтин лэппиэскэтин биэрэрэ. Интернакка онно ким да наадыйбат этэ. Тулаайах оҕолор бэйэлэригэр балтыны, бырааты, убайы ирээттэһэн кэбиһэллэрэ. Ханныгын да иһин, соҕотохсуйбакка, иккиэлэспит ордук курдуга. Ордук улахан кыргыттар кыралары балыс, быраат гыналлара. Маайыска Тэрэппиин убайын солбуйбута.
Darmowy fragment się skończył.